История

Учууталларбытыгар сүгүрүйэбит!

// Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училище 100 сылыгар                

Быйыл Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училище тэриллибитэ 100 сыла бэлиэтэнэринэн, 60-с сылларга үөрэммиппинэн оччотооҕу училище спортивнай олоҕун туһунан ахтан ааһарга сананным.

Бастатан туран, бу үөрэх кыһатыгар 50-с сылларга РСФСР, САССР үтүөлээх тренерэ, СР физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай наукалар кандидаттара Н.Н. Волков, РФ, СР физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ, өр сылларга САССР спорка комитетын салайбыт А.Е. Алексеев, республикаҕа физкультура, спорт сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит, СР физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ С.И. Алексеев буһан-хатан тахсыбыттарын бэлиэтиир наадалаах. Ол училищеҕа уруккуттан ыччаты эт-хаан өттүнэн сайыннарарга үгэстэр олохтоммуттарын көрдөрөр.

Ол үгэстэр үтүө дьайыыларын биһиги, 60-с сылларга үөрэммит дьон, эмиэ билэн аастахпыт. Оччоҕо тыа сирин оскуолаларыгар ханна дьарыктанар физкультура саалата, ханна анал үөрэхтээх учуутал суоҕунан, сорох айылҕаттан бэриһиннэрбэтэҕинэн физкультура, спорт диэҥҥэ сыһыана суох оҕо элбэх буоллаҕа дии. Ону учууталларбыт барахсаттар “эн кыаҕа суох эбиккин”, “эн итини сатаабаккын” диэн сирэй-харах анньыбакка, ким туох кыахтааҕынан көрөн, кыһаллан-мүһэллэн үөрэтэн, тулуурдаахтык дьарыктаан иитэн таһаардахтара.

Биһиги саҕана физкультураҕа А.Г. Тобохов уонна Д.Г. Максимов үөрэппиттэрэ. Анатолий Гаврильевич бары өттүнэн дэгиттэр спортсмен этэ: сүүрэрэ, атах оонньуура, хайыһардыыра, баскетболга, волейболга оонньуура. Кэлин биллэххэ, Манчаары бастакы Спартакиадаларыгар атах оонньуутугар бэтэрээннэргэ хас даҕаны төгүл бастыы, бириистээх миэстэлэргэ тиксэ сылдьыбыт эбит. Оттон Дмитрий Гаврильевич – сахалартан классическай тустууга бастакы маастарынан биллэр. Иккиэн даҕаны холку, оҕону мөҥө-этэ сылдьыбат, кыһамньылаах учууталлар этэ. Кэлин тустуу маастардара Петр Федорович Яковлев, Семен Данилович Егоров үлэлии сылдьыбыттара. Эмиэ бэртээхэй дьон, учууталлар этилэр.

Оскуолаҕа дьарыктамматах оҕо бэрт элбэх ыараханы көрсөрө. Бастакыттан физкультура уруоктарыгар гимнастикаҕа зачекка бэлэмнэнии саҕаланара, Саҥа дьыл иннигэр туттарыы буолара. Онтубут физзал-кулууппут сыанатыгар тобус-толору симиллибит оҕолор, учууталлар харахтарын ортотугар, кэлин телевизорга көрбүт чемпионаттарбыт курдук ыытыллар эбит: зал биир өттүгэр тэлгэтиллибит мааттарга акробатика, биир өттүгэр “козел” нөҥүө ыстаныы. Аны улахан курс оҕолоро судьуйалаан анал остуолга олороллор, тута сыананы көрдөрөн иһэллэр. Дьэ, кыаммат оҕоҕо улахан тургутуу, саатыы-кыбыстыы даҕаны дьыалата этэ. Ол гынан баран, төһө даҕаны кыра сыананы ылбыт киһи “иккилэнэн” соһуллубутун өйдөөбөппүн.

Залбытыгар уонна баскетбол оонньуурбут, намыһах буолан, волейбол оонньуур кыах суоҕа. Учууталларбыт туруорсууларынан буолуо, 1966 сыл саас хаардаахтан саҥа физзал тутуута саҕаламмыта. Биир “Беларусь” тракторынан, биир таһаҕас тиэйэр массыынанан уолаттар бэйэбит мас кэрдэн, тиэйэн, сүгэнэн суоран, санныбытынан сүгэн, биир сайын устата бүтэрэн, залбытын үлэҕэ киллэрбиппит. Учууталбыт Анатолий Гаврильевич тэҥҥэ сылдьыһан үлэлэспитэ. Билигин санаатахха, 16-17 саастаах, үгүспүт сүгэ тутан уһамматах оҕо дьоҥҥо дириэктэрбит М.С. Иванов, учууталларбыт улаханнык эрэммиттэр эбит. Ол эрэли чиэстээхтик толорбут эбиппит: оччолорго Бүлүүгэ суох киэҥ, үрдүк физзал 50-тан тахса сыл улаханнык хамсаабакка туран, үгүс көлүөнэ үөрэнээччилэр эт-хаан өттүнэн сайдан тахсар кыһалара буоллаҕа. Физзалбыт училищеҕа биир кэмҥэ физкультура салаата аһылларыгар биир төһүүнэн буолбута саарбаҕа суох.

Саҥа киэҥ-куоҥ залланан, арахпакка дьарыктанар буолбуппут. Баскетбол, волейбол, гимнастика, остуол тенниһэ, чэпчэки атлетика, өссө бадминтон – тугунан баҕарар дьарыктанар кыах баара. Оройуон күрэхтэһиилэрэ ыытыллар буолбуттара. Училище спорка хамаандаларын ситиһиилэрэ элбээн барбыттара, ол сыллартан саҕалаан ыытыллар орто анал үөрэх тэрилтэлэрин икки ардыларыгар күрэхтэһиилэргэ сорох көрүҥнэргэ училище инники күөҥҥэ сылдьара. Аҥардас спорт хайа эрэ көрүҥэр дьарыктаныынан муҥурдаммакка, физкультура уруогун, спорт тэрээһиннэрин ыытыы методикатын баһылаабыт бэрт элбэх училищены бүтэрбиттэр оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлээбиттэрэ, оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга улахан кылааты киллэрбиттэрэ. Элбэхтэн биир холобуру аҕыннахха, Сунтаар оройуонун Бордоҥ оскуолатыгар үлэлээбит Никита Семенович Павлов оройуон киинигэр баар оҕо спортивнай оскуолатын салаатын арыйтарары ситиһэн, элбэх үрдүк кылаастаах хайыһардьыттары иитэн таһаарбыта.

Никита Семенович ол кэмин маннык ахтар:

– Бэйэм училищеҕа 1965-69 сс. баскетболунан, чэпчэки атлетиканан дьарыктаммытым, бүтэһик курска физкультура учууталын быһыытынан бэлэмнэниини ааспытым. Өссө Бүлүүгэ физкультура учууталынан үлэбин саҕалыырбар оҕолору хайыһарга эрчийбитим. Дойдубар Сунтаарга тиийэн, биир үксүн зал суох буолан, көрүдүөргэ уруок ыытартан “куотан”, эмиэ хайыһарга дьарыктаабытым. Бордоҥ оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлии сылдьан эрчийбит хамаандам 1974 сылтан оройуоҥҥа кимиэхэ даҕаны иннин биэрбэт буолбута, бэрт сотору республикаҕа биллэн барбыппыт, Ленскэй күүстээх хайыһардьыттарын кытта илин-кэлин былдьаһар буолбуппут. Оскуола программатынан хайыһары күүскэ сайыннарар кыах суоҕун өйдөөн, Бордоҥҥо Сунтаардааҕы оҕо спортивнай оскуолатын хайыһарга салаатын арыйтарар боппуруоһу туруоран, оҕолорум ситиһиилэрин холобур туттан, үлэлиир кыах баарын дакаастаан, өйөбүл ылан, Бүлүү эҥэригэр бастакы хайыһар оскуолатын тэрийэн үлэлэппитим.

Бэйэм тренердээн, оҕолорбун кыһыны быһа таһырдьа сүүрдэрим, сайын үлэ-спорт лааҕырын тэрийэн, оттуу-оттуу эрчийэрим. Лааҕырдар республикатааҕы куоталаһыыларыгар миэстэлэһэн, бастаан, Москва к. Бүтүн Союзтааҕы быыстапкаҕа бара сылдьыбыппыт, бириэмийэ ыларбыт. Биир сайын сайылыкка фермаҕа үлэлээбиппит, онон спорду үлэни кытта сөпкө дьүөрэлээтэххэ ордук көдьүүстээх буоларын итэҕэйбитим. Сотору кэминэн республикаҕа оҕолор ортолоругар бастакы күөҥҥэ тахсыталыыр буолбуппут. Хайыһарга элбэх үрдүк разрядтаахтар баар буолбуттара, 4 маастарга кандидаттаммыппыт, ол саҕана квалификационнай үлэ үчүгэйдик ыытыллыбатынан элбэх хайыһардьыт ситиһиитэ бэлиэтэммэккэ хаалбыта. 80-с сылларга оройуон Сэбиэтин депутатыгар туруорунан, талыллан, Бордоҥҥо физкультура залын тутуутун туруорсан, үбүлээһинин ситиһэн, бэйэм, Бүлүүтээҕи училище залын тутуспут үөрүйэхпин туһанан, прораб курдук оҕолорбун үөрэтэн, салайан, иккис сылбытыгар үлэҕэ киллэрбиппит. Залбыт билигин даҕаны үлэлии турар.  Эрчийбит оҕолорбуттан Лидия Максимова, Антонина Алексеева, Светлана Сидорова, Сайыына, Жорж Илсаковтар, Александр Матросов, Федор, Николай Васильевтар, Михаил Иванов, Люция Николаева, Сардаана Евсеева уо.д.а. үрдүк ситиһиилэммиттэрэ, сорохторо эмиэ учуутал, тренер буоланнар, оҕолору эрчийэ сылдьаллар. Лукиннар диэн ыалтан 5, Федотовтартан 3 оҕолоро күүстээх хайыһардьыт буолбуттара – биир ураты көстүү.

Улахан дьоҥҥо эмиэ ситиһиилэрдэммиппит. Кыһыҥҥы көрүҥнэргэ республикатааҕы спартакиадаҕа Сунтаар хамаандата уопсай II миэстэ буолбуттаахпыт, ол иһигэр мин бэлэмнээбит хайыһардьыттарым ситиһиилээхтик кыттыбыттара. “Урожай” общество республикатааҕы күрэхтэһиитигэр эмиэ Сунтаар хамаандатын бэлэмнээн, III миэстэни ылбыттаахпыт. Мин үлэлээн уурайбытым кэннэ оскуолабыт чэпчэки атлетика хайысхатын тутуспута, ситиһиилээхтик үлэлии турар.

Дьэ, ити курдук училищеҕа ылбыт билиилэрин, сатабылларын, олоххо бэлэмнэрин туһанан, тыһыынчанан бу училищены бүтэрбиттэр, араас эйгэҕэ үлэлээн, элбэх көлүөнэ оҕону, ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ киллэрбит кылааттара тугунан даҕаны кээмэйдэммэт. Ону чинчийии, үөрэтии тэриллибэт, училище 100 сылынан даҕаны сибээстээн киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллыбатаҕа киһини хомотор. Ол эрээри, Бүлүүтээҕи училищены бүтэрбиттэр ииппит-такайбыт оҕолорун кинилэргэ махталлара туохтааҕар даҕаны үрдүк наҕараада Ол иһин биһиги эмиэ учууталларбытын күндүтүк саныыбыт, кинилэр сырдык ааттарыгар сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит!

Святослав ГРИГОРЬЕВ, үлэ бэтэрээнэ, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ,

Бүлүүтээҕи училищены 1968 с. бүтэрбит.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252736
Бүгүн : 208