Сонуннар

Хайыһардар сэниэлээхтик дайдылар

Олунньу ый бүтүүтэ Челябинскай уобалас Златоуст куоратыгар биһиги бэтэрээн хайыһардьыттарбыт соргулаахтык күрэхтэһэн кэллилэр. Хамаанданан түмүк таһаарыытыгар, биһиги 21 киһилээх хамаандабыт 47 регионтан 7-с миэстэҕэ таҕыста.

Ол иһигэр Воронежскай, Омскай, Ярославскай, Ханты-Мансийскай автономнай уобаластартан кэлбит күүстээх хамаандалары кэннигэр хаалларда. Хамаанда ити кыайыытыгар 85 саастаах успуор бэтэрээнэ Степан Абрамов кылаата сүҥкэн, кини үс дистанцияҕа: 5 км классическай уонна көҥүл (хаҥкылыы), 7,5 км классическай ньымаларынан сүүрүүгэ бэйэтин саастыылаахтарын иннигэр көрбөтө. Ити кыайыытынан кини сахалар успуорка уһун үйэлээхтэрин атын омуктарга чаҕылхайдык көрдөрдө. Хаттаб Низамутдинов 5 км классическай ньыманан сүүрүүгэ боруонса мэтээлгэ тиксэн табаарыһын күүскэ өйөөтө.

Галина Сыромолотова, Екатерина Никитина, Зинаида Андреева, Василиса Слепцова састааптаах дьахталларбыт хамаандалара 4х5 км эстафетаҕа иккис миэстэҕэ тахсан, үрүҥ көмүс мэтээллэри иилиннилэр, онон эр дьоннорун ситиһиилэрин чиҥэтэн, күүһүрдэн биэрдилэр.

Эстафетаҕа атын да састааптар бириистээх миэстэҕэ чугас сырыттылар, онон уопсай түмүк тахсыытыгар биһиги хайыһардьыттарбыт 1419 очукуону хомуйан 7-с миэстэ буоллулар. Бастаабыт Санкт-Петербург хамаандата 1603 очукуолаах, 2-с миэстэлээх Татарстан хамаандата 1594 очукуолаах. Томороон тымныылаах тохсунньу-олунньу ыйдарга биһиги дьоммут эрчиллэр кыахтара суоҕа, күрэхтэһии иннинэ тиийэн бэрт кыратык эрчиллэн, итинник куһаҕана суох түмүгү ситистилэр. Онон хайҕыахха наада, хамаанда түмсүүлээҕин, туруоруммут сыалын-соругун ситиһэр дьулуурдааҕын.

Сэрэйдэххэ, хайыһардьыт бэтэрээннэр айаннарын, олорор-аһыыр ороскуоттарын барытын бэйэлэрэ уйунан сырыттахтара. Эмиэ бэтэрээн-сүүрүктэр курдук.

Аны сүүрүүбэр, чэпчэкинэн аатырар атлетикаҕа киирэбин. Биһиги, сүүрүктэр хайыһардьыттарбыт ити ситиһиилэрин хайдах даҕаны бигэргэтиэх тустаахпыт. Былырыын күһүн Сочи стадионугар ситиспит 6-с миэстэбитин быйыл хайаан да тупсарарбыт наада курдук. Онон уонна физкултуурунай хамсааһын 100 сыла туоларынан эмиэ хамаанда тэринэн, Чувашия киин куоратыгар Чебоксарыга от ыйын 28-30 күннэригэр ыытыллар Арассыыйа бэтэрээн спортсменнарын 31-с чемпионатыгар күргүөмүнэн кыттан 5 бастыҥ хамаанда ахсааныгар киириэххэйиҥ диэн ыҥырабын! Хамаанда сүнньүнэн баар, уларыйыы да баар буолуохтаах, саҥа күүстээх быһыйдар, ыстанааччылар эбиллэн, сибиэһэй сүүрээни киллэриэхтэрэ диэн эрэнэ кэтэһэбит.

Физическай култуура уонна успуор Министерствота, чэпчэки атлетика Федерацията бу сырыыга хамаанданы тэрийиигэ, бэтэрээннэр үгүс эрэйэ суох медицинскай бэрэбиэркэни ааһалларыгар, кэлэр-барар билиэттэрин атыылаһалларыгар, антах тиийэн олорор сирдэрин булалларыгар көмөлөһөллөрө буоллар – сааһырбыт дьон махталлара муҥура суох, көрдөрүүлэрэ өссө үрдүк буолуо этэ диэн эрэнэ этэбин.

Степан ЛЫТКИН, «Дьулурҕан» уопс. кэрэспэдьиэнэ, үлэ, успуор бэтэрээнэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227581
Бүгүн : 383