Сонуннар

Хайыһар күрэхтэһиитигэр соһуччу билсиһии

Аттыбар олорбут бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ “бүгүн хайыһар бырааһынньыга” дэһэллэр. Кырдьык, оҕо-аймахха анаан ыытыллар күрэхтэһии сылын аайы буолар.

Бүгүҥҥү күрэхтэһиигэ штатифтаах, фотоаппарааттаах кыыс сылдьарын бары да көрдөхпүт буолуо. Күн тохтоло суох ардыгар халыҥ хаары кэһэ сылдьан үлэлээтэ аҕай. Мин өссө кинини Ытык Күөлтэн кэлбит эдэр кэрэспэндьиэн оҕо сылдьар быһыылаах диибин. Кини хайдах үлэлиирин, дьону, күрэхтэһээччилэри хаартыскаҕа түһэрэрин кэтиибин. Онтон аттыбар чугаһаабытыгар ыҥыран ыллым, кэпсэттим.

Аата Аина Нестерова диэн. Москва куоракка “Институт современного искусства” үөрэнэр устудьуоҥка кыыс буолан биэрдэ. Хайыһар күрэхтэһиитин хаартыскаҕа түһэрэ, уһула кэлбит. Сыыйа кэпсэттибит. Дэбдиргэҕэ кэлбитэ нэдиэлэ курдук буолбут, үөрэнээччибит Кеша Никифоров туһунан киинэ оҥорон эрэр эбит. Ол киинэтин туһунан кэпсэтистибит. Сүрдээх үчүгэй былааннаах. Кылгастык сырдатта. Институтун туһунан да кэпсээтэ. Дьокуускай куорат 2 нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрээт институкка киинэ уонна телевидение режиссёрун үөрэтэр салааҕа киирбит. Группатыгар соҕотох саха. Институт үрдүнэн биэс саха оҕото үөрэнэ сылдьар диэтэ. Ханютин А.Ю. курдук биллиилээх дьоннор үөрэтэллэр диэн кэпсиир. Артыыстар Дмитрий Певцов, Ольга Дроздова, Любовь Казарновская устудьуоннары үөрэтэллэр эбит.

// Кеша Никифоров бастаата.

“Кеша Никифоровы хайдах буллуҥ” – диэн ыйытыыбар, “ийэм көмөлөһөн онон буллум” – диэтэ.

-Дэриэбинэ оҕотун олоҕун көрдөрүөхпүн баҕарабын. Кеша наһаа үчүгэй, үлэһит киһи. Олох ыраас, дьиҥ сахалыы тыыннаах эйгэҕэ олорор диэн көрдүм. Олохпут балысхан сайдыытын телефон, компьютер эрэ нөҥүө билэн олорор эбит диэн санаатым. Дьиҥэ дэриэбинэҕэ наһаа үчүгэй, таас оскуолалааххыт. Куорат оҕотуттан төрүт хаалсыбат усулуобуйалаах. Кеша үөрэнэр, консультацияҕа, эбии араас дьарыкка сылдьар. Кини үүнэригэр, сайдарыгар туох баар барыта баар эбит. Оннооҕор бу күрэхтэһии буола турар. Ол гынан баран, маннык үчүгэй эйгэҕэ олорор тыа оҕото модернизация кыһалҕатыгар хайдах киириэҕэй уонна кини онно бэлэмнээх дуо диэн көрдүм. Кининэн билиҥҥи глобализация үйэтигэр дэриэбинэ дьылҕатын арыйыахпын баҕарабын. Киинэ көрөөччүнү толкуйдатар буолуон баҕарабын. Үчүгэй өрүтэ баһыйар буолуохтаах. Оҕоҕо, ыччакка сырдыгы саҕар буолуон баҕарабын, – диэн Аина кэпсиир.

Мин да Аиналыын кэпсэтэммин, барыта этэҥҥэ буолуон баҕардым. Киинэ оҥоһулуннун, көрөөччү үчүгэйинэн сыаналаатын. Онтон киинэ геройа Кеша экзаменнарын ситиһиилээхтик туттардын.

Гизелла ПОПОВА, Игидэй оскуолатын педагог-билиотекара.

Таатта.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252750
Бүгүн : 222