Сонуннар

Гроссмейстердэри кимнээх кыайдылар?

Бэҕэһээ, муус устар 2 күнүгэр, Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар анаан “Өрөгөй” Спорка бэлэмнэнии киинигэр нуучча дуобатыгар 500 дуоскаҕа альтернативнай сеанс ыытылынна.

Сеансердарынан гроссмейстердар: Александр Азаров, Гаврил Колесов, Иван Токусаров, Николай Стручков, Матрена Ноговицына, Андрей Федотов, Наталья Шестакова, Ксения Нахова буоллулар.

Санатан эттэххэ, бу тэрээһин «Интеррекорд» норуоттар икки ардыларынааҕы агентствотыгар, дуобат спордун историятыгар саамай элбэх кыттааччылаах сеанс быһыытынан бигэргэнэр буолла.

Тэрийээччилэр биллэрбиттэринэн, сеанс түмүгүнэн гроссмейстердары 27 киһи кыайда, 122 киһи тэҥнэстэ.

Гроссмейстердары кыайдылар:

Аланаев Антон (Үөһээ Бүлүү) 1999 1 р.

Андросов Семен (Дьокуускай) 1953 кмс

Апросимов Сергей (Дьокуускай) 1966 –

Аринкин Василий (Мэҥэ Хаҥалас) 1961 –

Барашков Захар (Чурапчы) 1952 кмс

Большаков Максим (Хаҥалас) 1964 кмс

Васильева Ирина (Үөһээ Бүлүү) 2010 1 р.

Дьячковскай Ариан (Аллайыаха) 1959 кмс

Заровняев Вадим (Горнай) 2003 1 р.

Иксман Лилия (Таатта) 1998 кмс

Колодезникова Альбина (Горнай) 2010 кмс

Кондратьева Саяника (Үөһээ Бүлүү) 2010 кмс

Леонтьева Нарыйаана (Дьокуускай) 2013 1 р.

Макаров Игорь (Булуҥ) 1957 кмс

Михайлов Алгыс (Горнай) 2007 кмс

Нахова Дарья (Өлүөхүмэ) 1998 кмс

Николаев Василий (Өлөөн) 1960 1 р.

Окоемов Петр (Уус Алдан) 1957 кмс

Оконешникова Анна (Чурапчы) 2005 1 р.

Павлов Афанасий (Мэҥэ Хаҥалас) 1988 кмс

Платонов Алексей (Амма) 2008 кмс

Портнягин Григорий (Уус Алдан) 1955 кмс

Скрыбыкин Федор (Горнай) 1960 кмс

Тролуков Григорий (Уус Алдан) 1947 кмс

Филиппова Галина (Дьокуускай) 2007 кмс

Эверстов Иван (Нам) 1987 кмс

Яковлев Яромир (Амма) 2011  1 р.

Сеанска кыттыбыттар бары Туоһу суруктары туттулар. Оттон кыайыылаахтар өйдөбүнньүк бэлэҕинэн бэлиэтэннилэр. Кинилэри, олохторугар биир кэрэ бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлиибит!

«Дьулурҕан».

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253189
Бүгүн : 47