Сонуннар

Бүгүн биһигиттэн кимнээх тусталларый?

Дьокуускай. «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинигэр 21-гэр диэри саастаах бөҕөстөр Россия үрдүнэн бастыыр иһин күрэхтэһиитин иккис күнэ үүннэ.

Бүгүн 57 кг финалга Лев Павлов – дагестанец Халид Магомедовы кытта көрсүөҕэ.

Күрэхтэһии сарсыардааҥҥы чааһыгар «уоскутар» бөлөххө Данил Мохначевскай (57 кг) чечен Р.Исламовы кытта тустар. Онно кыайдаҕына салгыы тустууга Ю.Явбатировы (Дагестан), онтон хайалара хоппута боруонса мэтээл иһин Д.Тулаевы (Чечня) кытта көрсүөхтэрин сөп.

Онтон Николай Захаров (57 кг) ХМАО бөҕөһө Моллаев уонна тувин Аяндай Ондар тустууларын кыайыылааҕын кытта көрсөр. Онно үчүгэйдэттэҕинэ, үһүс бириистээх миэстэ иһин Х.Мехтихановтыын (Дагестан) киирсиэн сөп.

74 киилэҕэ Андрей Румянцев – А.Гибизовы (Москва) кытта тустуо. Онно кыайдаҕына Г.Шумиловтыын (Брянскай) киирсиэ.

Ити курдук бүгүн – 61 кг аҕыс, 70 кг алта, 79 кг биир, 92 кг биир бөҕөспүт күрэхтэһиини саҕалыыллар.

Уолаттарбытыгар ситиһиилээх тустууну баҕарабыт!

«Дьулурҕан».

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253187
Бүгүн : 45