Роман Дмитриев турнира: 10 дойду хамаандата кыттарын биллэрдэ
Кулун тутар 10-12 күннэригэр «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинигэр 21-гэр диэри саастаахтарга көҥүл тустууга олимпийскай чемпион Роман Дмитриев кэриэһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии ыытыллар.
Быйылгы турнир уратытынан, күрэхтэһиигэ уолаттар эрэ буолбакка, кыргыттар эмиэ уон ыйааһыҥҥа кыттыахтара. Онон күрэхтэһии үс күн ыытыллыа.
Барыллааһын былаанынан, билиҥҥитэ 10 дойду кыттарга бэлэмин биллэрдэ. Ол курдук, Азербайджан, Армения, Беларусь, Греция, Индия, Иран, Казахстан, Кыргызстан, Монголия, Узбекистан. Өссө Таджикистан уонна Молдова хамаандаларын кытта кэпсэтии бара турар.
Ону тэҥэ күрэхтэһиигэ Россия эдэрдэргэ сүүмэрдэммит хамаандата, Бурятия, Тыва, Красноярскай, Москва, Санкт-Петербург, Татарстан о.д.а., барыта уонча регион спортсменнара кэлэллэрэ күүтүллэр.
Холобур, Тыва хамаандата сэттэ спортсменнаах буолуоҕа: уолаттарга Амыр Хомушку, Айслан Монгуш, Давид Сагды, Ачы Мортуй Оол, Кежик Ооржак, кыргыттарга Кыргыс Куш-Кулаа, Лина Сандак. Тренер – Менги Мортуй Оол, судьуйа – Айдын Достай.
«Дьулурҕан».