Мини-футбол: Ханнык хамаанда бастыай?
Мэҥэ Хаҥалас. Аллараа Бэстээххэ, Тимир Пинегин аатынан «Парус» спортивнай комплекска мин-футболга (бастакы лига) Саха Республикатын чемпионата ыытылла турар. Манна уон хамаанда ыҥырыллан кэлэн, икки бөлөххө арахсан оонньоото.
Бүгүн, бөлөхтөргө оонньуулар түмүктэннилэр.
Бастакы бөлөххө олохтоохтор уус алданнары 2:1 (Л.Захаров, М.Никифоров – Р.Иванов) ахсаанынан кыайан, бастакы миэстэни ыллылар. Уус Алдан иккис, “Сибирские медведи” үһүс, Горнай төрдүс, Орто Халыма бэһис буоллулар.
Оттон иккис бөлөххө эмиэ наар кыайыыны ситиспит республика киин куоратын хамаандата бастаата. Бүтэһик турга куораттар мирнэйдэри 2:0 ахсаанынан хоттулар. Иккис – Мирнэй, үһүс – Ленскэй, төрдүс – Жатай, бэһис – Алдан.
Кулун тутар 4 күнүгэр субуотаҕа оонньуохтара:
Горнай – Алдан
Жатай – Орто Халыма
“Сибирские медведи” – Ленскэй
Мэҥэ Хаҥалас – Мирнэй (финалга тахсар иһин)
Уус Алдан – Дьокуускай (финалга тахсар иһин).
Балаһыанньа быһыытынан өрөбүлгэ Орто Халыма – Алдан, Горнай – Жатай хамаандалара оонньуохтара. Дьэ, онтон быһаарыылаах киирсиилэр буолуохтара. Бастаан үһүс бириистээх миэстэ иһин, онтон – финал.
Эһиги санааҕытыгар ханнык хамаанда бастыай? Олохтоохтор – мэҥэлэр дуу, куораттар дуу? Эбэтэр, уус алданнар дуу, мирнэйдэр дуу? Маныаха диэри спорт атын көрүҥнэригэр ыытыллыбыт республикатааҕы күрэхтэһиилэргэ (көҥүл тустууга чурапчылар, хапсаҕайга мэҥэлэр, Спортивнай оонньууларга уус алданнар…) “дьиэҕэ истиэнэ кытта көмөлөһөр” диэн этии оруннаах этэ. Бу сырыыга дьэ хайдах буолар?
«Дьулурҕан».