Сонуннар

Ираннар 5 чемпиоҥҥа суоттаналлар

Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев кэриэһигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир биир күүстээх састааптаах хамаандатынан – Иран Исламскай Республикатын хамаандата буолар. Ираннар аан дойдуга бастыҥнарын, соторутааҕыта Кулууптар икки ардыларынааҕы аан дойду кубогар кыахтаахтык бастаан дакаастаабыттара.

Ираҥҥа тустуу улаханнык биһирэнэр уонна ытыктанар спорт көрүҥэ. Онон ханнык баҕарар таһымнаах күрэхтэһиигэ иранецтар – күүстээх уонна кутталлаах утарсааччылар. Бу да сырыыга, ааттарыттан көрдөххө, Роман Дмитриев турнирыгар кинилэр күүстээх тустууктары аҕалбыттар.

Иран хамаандатын састааба:

57 кг: Эбрагим Ховари, Али Момени

61 кг: Али Колизадеган

65 кг: Мохаммад Реза Шакри, Эбрагим Элахи, Армин Хабибзаде

70 кг: Али Резаи

79 кг: Маджид Багери, Хоман Бехзадпур

92 кг: Мохаммад Мобин Азими

Соторутааҕыта ыытыллыбыт Иран улахан дьоҥҥо чемпионатыгар Момени, Колизадеган иккис, Ховари үһүс миэстэлэри ылбыттара. Азия күрэхтэһиитин эдэрдэргэ кыайыылааҕа Азими былырыын улуу тренер Д.П. Коркин турнирыгар кэлэн кыахтаахтык бастаабытын, оттон Али Резаи эмиэ Коркин турнирыгар кыттан, аан дойду чемпиона Загир Шахиевы кыайбытын өйдүүр буолуохтааххыт.

Өссө Элахины бэлиэтиэххэ сөп. Кини – эдэрдэргэ аан дойду чемпиона. Атыттар даҕаны күүстээх буолуохтара. Ол эбэтэр, дойду хамаандатын састаабыгар хаһан даҕаны мөлтөх киһи ылыллыбат. Атын да бөҕөстөрө кутталлаахтар диэххэ сөп.

Онон ираннар састааптара күүстээҕинэн ааҕыллар. Күрэхтэһии иннинэ Иран хамаандатын тренерин сылыктааһынынан, Дьокуускай көбүөрүгэр кинилэр 5 кыһыл көмүс мэтээлгэ суоттаналлар. Көбүөр көрдөрүө диэххэ сөп. Сетканы көрөр киһи, кимнээх бастыылларын, хамаандалар күүстэрэ хайдаҕын син удумаҕалатыа этэ.

«Дьулурҕан».

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253192
Бүгүн : 50