Хаандыгаҕа, семинардаах күрэхтэһиигэ ыҥырабыт!
Муус устар 4-5 күннэригэр Хаандыгаҕа (Томпо) ССРС спордун маастара, Саха сирин үс төгүллээх чемпиона Илларион Иванов бирииһигэр көҥүл тустууга оҕолорго республикатааҕы турнир ыытыллар.
Бу күрэхтэһии сүрүн уратыта, тэрээһин кэмигэр көҥүл тустуу сайдыытыгар аналлаах Биомеханика тематыгар научнай семинар ыытыы, манан оҕолору физкультуранан уонна спордунан күннэтэ дьарыктаныыга көҕүлээһин, нэһилиэнньэҕэ чөл олоҕу тарҕатыы, көҥүл тустууну сайыннарыы буолар.
Күрэхтэһиигэ 2008-2009 сс. төрөөбүттэр – 38, 41, 45, 52, 65, 65-тэн үөһэ кг, онтон 2010-2012 сс. төрөөбүттэр – 24, 26, 28, 32, 35, 40, 45, 55, 55-тэн үөһэ кг ыйааһыннарга күөн көрсүөхтэрэ.
Биллэрин курдук, Илларион Федорович кэнники сылларга педагогическай наука кандидата Петр Иванович Кривошапкины кытта Москваҕа уонна Краснодарскай кыраайга оҕолорго анаан тустууга Биомеханикаҕа сыһыаннаах аһаҕас уруоктары, эрчиллиилэри, семинардары тэрийэн ыыттылар. Петр Иванович былырыын «Биомеханические основы специальной физической подготовки борцов вольного стиля» диэн үөрэтэр пособие оҥорон таһаарбыта. Семинар уонна эрчиллии ыытааччылара чуолаан ол теорияҕа оҕолору уһуйан, кэккэ ситиһиилэрдээхтэр.
Илларион Иванов туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, кини 1965 сыллаахха Тааттаҕа төрөөбүтэ. Тустуунан дьарыгын 1978 с. Хаандыгаҕа саҕалаабыта. Бастакы тренерэ – Михаил Дмитриевич Аммосов. Кэлин Владимир Дмитриевич Попов уонна Егор Николаевич Старостин салалталарынан эрчиллибитэ. Көҥүл тустууга ССРС спордун маастарын нуорматын 1988 с. толорбута.
Бастыҥ ситиһиилэрэ: «Сельская жизнь» хаһыат бирииһигэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа (Улан-Удэ, 1989), РСФСР студеннарга спартакиадатын үһүс призёра (Смоленскай, 1988), профсоюзтар Бүтүн Союзтааҕы киин сэбиэттэрин түһүлгэтин үһүс призёра (Баку, 1990), Саха сирин үс төгүллээх чемпиона (1988, 1990, 1996).
Ону тэҥэ Илларион Иванов – хапсаҕайга Саха АССР уонна хуреш тустууга Россия спордун маастара.
Дьэ, онон муус устар 4-5 күннэригэр Хаандыгаҕа «Алроса» Спорка уонна культураҕа киинигэр тустууга аналлаах интэриэһинэй тэрээһин буолаары турар. Сайдыан, эрчиллии ньыматыгар саҥаны, сонуну киллэриэн баҕалаахтар семинардаах күрэхтэһиини көтүппэккитигэр ыҥырабыт.
Петр ПАВЛОВ.