Сонуннар

Бу өрөбүллэргэ «Паруска» – Тустуу

Кулун тутар 31 – муус устар 2 күннэригэр Аллараа Бэстээххэ (Мэҥэ Хаҥалас) көҥүл тустууга 24-гэр диэри саастаахтарга Дальнай Восток федеральнай уокуругун күрэхтэһиитэ ыытыллар.

Бу күрэхтэһии – 2023 сыл Россия спорка биир кэлим календарьнай былаанын быһыытынан тэриллэр. Итиэннэ 24-гэр диэри саастаах тустууктары Россия күрэхтэһиитигэр сүүмэрдиир сыаллаах-соруктаах. Түһүлгэ ирдэбил быһыытынан уон ыйааһыҥҥа – 57, 61, 65, 70, 74, 79, 86, 92, 97, 125 кг ыытыллар.

Тустуу, Т.А. Пинегин аатынан «Парус» спортивнай комплекска буолар. Тустууну таптааччылар, ордук өрүс илин эҥэрин олохтоохторо бэйэ сиригэр-уотугар кэлэн биэрбит күрэхтэһиини көтүппэккитигэр, кэлэн бэйэҕит уолаттаргытыгар ыалдьаргытыгар ыҥырабыт.

Күрэхтэһии программата

Кулун тутар 31 күнэ, бээтинсэ

11:00-16:00 Кыттааччылары бэлиэтээһин.

16:00-17:00 Бары ыйааһыннарга кыттааччылар сэрэбиэйдэрэ.

17:00-18:00 Судьуйалыыр коллегия хамаандалар бэрэстэбиитэллэрин кытта сүбэ мунньаҕа.

Муус устар 1 күнэ, субуота

08:00-08:30 Кыттааччылар ыйааһыннаныылара.

11:00-20:00 Барыллааһын уонна финалга тахсар иһин тустуулар.

12:00-12:30 Күрэхтэһиини үөрүүлээхтик аһыы.

Муус устар 2 күнэ, өрөбүл

08:00-08:30 Кыттааччылар ыйааһыннаныылара.

11:00-16:00 «Уоскутар» бөлөх тустуулара, финаллар. Кыайыылаахтары наҕараадалааһын.

«Дьулурҕан».    

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227576
Бүгүн : 378