Үтүө холобур батыһааччылардаах буолуо дуо?
Олунньу бүтэһик өрөбүлүгэр Тоҕус томтордоох Чурапчыга физическай култуура уонна спорт институтун сүүрэр манеһыгар бэрт сэргэх күрэхтэһии буолан ааста. Сахабыт сиригэр физкультурнай-спортивнай хамсааһын саҕаламмыта 100 сылыгар, улуус өрөспүүбүлүкэҕэ спортивнайынан биллэригэр, аатырарыгар саамай улахан үтүөлээх чурапчылар ытыктыыр киһилэрэ Афанасий Кирикович Софронов 95 сааһыгар анаммыт күрэхтэһиигэ – киин куораттан, Амматтан, Намтан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Тааттаттан 57 эдэр-эмэн быһыйдар кэлэн күөн көрсөн, илин-кэлин түсүһэн бардылар.
Маҕан баттахтаах бэтэрээннэри кытта манна олох эдэркээн уолаттары, кыргыттары көрдүбүт. Эдэрдии эрчимнээх сааһырбыт, сааһыран эрэр быһыйдар бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта иэмэх мастыы эристилэр, эдэрдэргэ спортивнай уһун үйэлэнии үтүө холобурун илэ-чахчы көрдөрдүлэр.
Эдэр кэрэ аҥаардарбыт 3000 м сүүрдүлэр. 11 мүн 31,6 сөк. кэлэн Саргылаана Седалищева бастаата, иккискэ 17 саастаах Аня Егомина, үһүскэ Үөһээ Дьааҥыттан сылдьар Марина Рожина таҕыстылар. Мин испэр Марина кыайыа дии санаабытым да, ол кыаллыбата.
18-39 саастаах эдэр дьон 5000 м сырсыыларыгар элбэх уопуттаах Роман Алексеев (Амма) 15 мүн 50,8 сөк. көрдөрдө. Киниэхэ утарсыыны оҥоруохтаах Хаҥалас быһыйа Леонид Зыков таактыкатын таппата – бастаан аһары күүскэ сүүрэн инники сылдьан баран былчыҥнара хам ыланнар салгыы сүүрбэтэ, туораата. Ол оннугар уонча сыллааҕыта Саха сиригэр бастыҥ уһунньутунан биллибит, армияҕа баран сүүрэр дьарыгын тохтоппут Самуил Семенов бэйэтин кыаҕын, туругун билинэн сүүрдэ, онто түмүктээх буолла, иккис миэстэҕэ таҕыста. Романтан хаалыыта балайда, 28 сөкүүндэ да, Самуил онтон санаатын түһэрбэт. Үһүс бириискэ Айсенбег Черепанов диэн интэриэһинэй ааттаах-суоллаах 34 саастаах быһый тигистэ. Чурапчы ыччата Алексей Драгунов АГАТУ-га киирэн сайдыыта бытаарбыт курдук. Манна, оҕо эрдэҕиттэн дьарыктаммыт сүүрэр суолугар киниттэн арыый атын, сэниэлээх сүүрүүнү күүппүппүт, уолбут алтыс эрэ буолла.
35-44 саастаах дьахталлар 4 эрэ. Манна Мэҥэ Хаҥалас быһыйа Елена Бурнашева (Павлова) 11мүн 10,5 сөк. кэлэн Полина Слободчикованы (Сунтаар) бэрт кыранан куотта. Терентьева Марина (Хаҥалас) – үһүскэ. Елена Полинаттан 6 сыл балыс, эдэр бэтэрээн, онон бу кыргыттарбытын аны сайын Арассыыйа чемпионатыгар Чебоксары куоракка көрүөхпүт. Мэтээллэри аҕалыахтара диэн эрэнэбит.
Эдэр бэтэрээн эр дьоммут эмиэ аҕыйахтар, алтыалар. Саха сирин марафоҥҥа хас да төгүллээх чемпиона Василий Лукиҥҥа Уус Майа ыччата Дмитрий Ловцов дьоһуннаах утарсыыны оҥордо, дистанция былаһын тухары харыс да хаалбакка, эрбии биитинии эристэ. Василийга дьиэтигэр «истиэнэтэ көмөлөстө» диэххэ дуу, түмүк биэтэккэ бэрт кыранан, 1,41 сөк. куотан таҕыста. Бириэмэтэ 16 мүн 53,76 сөк. Пестряков Николай – үһүс, 18 мүн 04 сөк.
45-54 саастаах бэтэрээннэрбит иккиэйэхтэр. Екатерина Драгунова үйэ аҥардаах үбүлүөйүн алтынньыга бэлиэтиэхтээх, онон быйыл сайын 45-49 саастаахтарга кыттара буолуо. Манна көрдөрүүтэ 13 мүн 39,7 сөк. тэҥҥэ сүүрэр киһи баара буоллар ити бириэмэ тупсарыллыан сөп этэ.
50-59 саастаахтар 5000 м сүүрүүлэригэр эр дьоммут үһүөйэхтэр. Эдэрдэрин, 52 саастаах аан дойду аатырбыт марафоннарын кэрийэ сылдьан ситиһиилээхтик кыттар Петр Захаровы дьэ көрдүм. Сүүрүөн сөптөөх ыччат эбит. 5,8 сыл аҕа убайдарын Илья Пестеревы (Амма Эмиһэ), Никифор Слепцову (Чөркөөх) ырааҕынан бырахта. Оннук буолуохтаах да буоллаҕа дии. Чемпион бириэмэтэ – 18мүн 14,2 сөк.
Дьахталларга саамай саастаах бөлөх «55-тэн үөһээ» диэн быһыллыбыт, онон элбэх саастаах быһыйдарбыт кэлбэтэхтэр, үһүөйэхтэр. Олохтоохтор үөрүүлэригэр күлүмэх курдук сүүрүүнү Ульяна Слепцова көрдөрөн бастаата – 13 мүн 58,8 сөк., иккискэ Валентина Доргуева (14 мүн 07,4 сөк.), үһүскэ Екатерина Маркова таҕыстылар. Ульянаны аны сайын Чувашия киин куоратын «Олимпийскай» стадионун сүүрэр суолугар көрөрбүт буоллар диэн баҕара санаатым.
Эр дьон 60-69 саастаах бөлөхтөрө олус түргэн, тэҥ күүстээх быһыйдары түмпүт буолан ыалдьааччыларга көрөллөрүгэр да интэриэһинэй, тыҥааһыннаах буолла. Ааспыт сыллар бастыҥнара Петр Пестряков бу да сырыыга бастаата (20 мүн 05 сөк.) да, уолаттар утарыластылар, куоттарыылара кыра. Иван Пермяков – иккис, үһүскэ Николай Заровняев диэн мин олох саҥа көрөр киһим таҕыстылар. Манна өссө биир саҥа сүүрүк баара билиннэ. Ол Мэҥэ Хаҥалас Дьабыылыттан төрүттээх Алексей Березкин. Кини бу муус устарга Ытык-100 сааһын бэлиэтиэхтээх буойун, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бүтэһик бэтэрээннэриттэн биирдэстэрэ, 1947-1957 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ орто, уһун дистанцияларга элбэхтэ бастаабыт, «Колхозник» (кэлин «Урожай») уопсастыба Дальнай Востокка, Сибииргэ күрэхтэһиилэригэр миэстэлэспит быһый Алексей Николаевич Березкин сиэн быраата буолар. Онон удьуор кытыгырас дьоннор сыдьааннара буолар, утумнаахтык эрчилиннэҕинэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр кыахтаах. Бу күрэххэ бириискэ киирбэтэ, бэһис миэстэнэн дуоһуйда.
Онтон саамай аҕа саастаах бэтэрээннэргэ «70, 70-тан үөһээ» диэн бөлөх тэрийбиттэрэ олус махталлаах, иитэр-үөрэтэр, сүүрүктэр актыыбынай олохторун уһатар дьыала буолар. Итини мин кыттааччы быһыытынан, үөлээннээхтэрим ис санааларын билэр буолан этэбин. Саастаах дьон сүүрэ сылдьаллара (бытаан да буоллун), күрэхтэһииттэн астыныыны, дуоһуйууну ылаллара туохха да тэҥнэммэт, ханнык да битэмииҥҥэ бэриллибэт үөрүүлээх түгэн буоларын умнумуохха. Тэрийээччилэр саастаах, бигэ туруктаах, эрчиллиилээх дьон күрэхтэһэллэриттэн куттаныа суохтаахтар.
Дьиҥинэн, бэйэтин доруобуйатын, ис туругун ханнык да быраастааҕар ордук бэтэрээн-спортсмен бэйэтэ билэр буоллаҕа дии. Аан дойдуга, Европаҕа, норуоттар ыккардыларынааҕы турнирдарга саастарынан бөлөхтөрү 5 сылынан оҥороллор. Ол сааһыран иһэр киһи биологическай, физиологическай туруга уларыйыытын балайда чугастык быһаарар, учуоттуур. Бөлөхпүтүгэр быйыл саҥа киирбит Уус Алдан быһыйа Николай Фомин холкутук бастаата. Бириэмэтэ – 22мүн 34 сөк. Куһаҕана суох көрдөрүү.
Түмүкпэр Чурапчы бэтэрээн сүүрүктэригэр, улуус спордун иилээччилэригэр-саҕалааччыларыгар спортсменнар ааттарыттан барҕа махталбытын этэбин уонна атын да улуустар эһиги үтүө холобургутун батыһаллара буоллар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Ыстапаан ЛЫТКИН, кыттааччы, үлэ, спорт бэтэрээнэ.