Үрүҥ көмүс тэҥэ киһибит
Аспирантураны бүтэрэн, Союз тустууга эдэрдэргэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар үс сыл сүрэх былчыҥа сылайар-сылайбат хаамыыларын үөрэтэн, ол үлэбин көмүскээн наука кандидата буолан кэллим. Кэлээппин кытта бүрээттэр, чуваштар ыҥыран үлэбин кэпсэттилэр, сэҥээрдилэр.
Роман Михайлович Дмитриев ол омуктарга бара сылдьыбыппын истибит, «утарсааччыларга секрети кэпсиир сыыһа, аны барыма» диэн бобон кэбистэ. Спорткомитет бэрэссэдээтэлэ Татаринов Степан Спиридонович ыҥыран ылан: «Наука сүбэтин тэрийэбит, онно үлэлээ, үлэҕин тустууктарга кэпсээ», – диэтэ.
Түөрт уонча тренери муспуттар. Хайдах эрэ ыарахан баҕайытык кэпсээтим, санаабар дьонум этэрбин ылыммат курдуктар. Кэлин миниистир буолан баран, тустуу тренердэрэ Дмитрий Петрович Коркин школатын аатын күлүгэр сылдьаннар «аҕал», «оҥор» диэн тылтан атыны билбэт, биирдиилээн дьоҕурдаах оҕолору батыһа сылдьар, хотторууну быһаара сатыыр турукка сылдьар буолбуттар диэн түмүккэ кэлбитим.
Үлэбин кэпсээбит дьоммуттан кэлин үс эрэ киһи чопчулаһа кэлэ сылдьыбыттара: Петр Кривошапкин, Михаил Скрябин, Василий Уваров. Школаны тэрийэр кыахтаах тренер суоҕун бу ааспыт отуттан тахса сыл да көрдөрдө. Тыаҕа үлэлии сылдьар тренердэри билэ-көрө сатаатым, куоракка киллэрэн дьиэ-уот биэрэн үлэлэттим даҕаны, дьонум бултка, кэммиэрсийэҕэ үлүһүйэн ситиһиилэрэ кэмчи. Элбэх дьарыктаах киһи баҕата ыһыллан хаалан, улаханы кыайан оҥорбот эбит.
Тустууну уонна боксаны эрэ өрө туттахпытына үлэбит тахсыа суох диэн санааҕа кэллибит. Бирисидьиэммит Михаил Ефимович ситиһиигэ олоҕурбут ыытар политикатын өйөөммүт күрэс түһүлгэтинэн үрдүк ситиһиигэ тиэрдэр бары көрүҥнэр тренердэрин өйүүбүт диэн араадьыйанан, хаһыатынан эттибит.
Истэн билэр дуобат оскуолатын тэрийбит тренербит Кычкин Николай Николаевич киирэн кэллэ. Киһим этиитэ маннык: «Мин тыһыынчанан дуобат кандидаттарын бэлэмниир кыахтаахпын. Ол кандидаттары чочуйан маастар оҥорор киһибит суох. Нам ДЮСШ-гар Ленинград куоракка улахан тренергэ дуобатынан дьарыктаммыт Азаров диэн уол баар. Ол уолу кытта кэпсэтэн көрбүт киһи», – диир.
Мин Аан дойду билинэр киин институтугар үөрэппит чулуу учуонайдарым-профессордарым, учууталларым кэпсииллэрин, Союз сүүмэрдэммит уолаттарын дьарыктыыр аатырбыт тренердэрин, Аан дойду, Олимпийскай оонньууларын кыайыылаахтарын быһаарыыларын, улахан таһымҥа хайдах тиийбиттэрин кэпсэтэн, ыйыталаһан билбит уонна оттон Д.П. Коркин Романы, Байбалы кимиэхэ биэрэн саханы аатырдыбытын билэр буолан, Николай Николаевич этиитин тута ылынным. Ол ситим үс үктэллээх.
Оҕо ис дьоҕурун уһуйан арыйар, сүүрдэн-көтүтэн күрэс түһүлгэтин көрүҥэр оҕоҕо тулхадыйбат баҕа үөскэтэр тренер – бастакы уонна тутаах таһым. Эт-сиин араас ситимин бэлэмин техника өттүнэн үөрэтэн, сатабыл олугун олохтоон, маастар таһымыгар тиэрдэр туспа дьоҕурдаах тренер – иккис таһым. Аны дьарыктыыр киһиҥ күрэхтэһэр куоһурун өйдөөн, сыыһатын-халтытын көннөрөн, кини сатабылын өйдүүр дьоҕурун таһымын кытта дьүөрэлээн күрэстэһэр тактикатын такайан ситиһии чыпчаалыгар тиэрдэр тренер – үһүс чыпчаал таһым буолар. Дьарыктыыр уолун туһун улахаҥҥа уурбакка, бэйэтэ аатырар-суолурар баҕатын толоро сатаан ситиһиини айгыратар тренер адьыната баһаам элбэх.
Азаров диэн кимин-тугун, дьиэтигэр-уотугар, бииргэ үлэлиир дьонугар-сэргэтигэр хайдах сыһыаннааҕын билээри, кинини билэр дьоммуттан балай да туоһуластым. Үчүгэй дуобатчыт диэнтэн атыны, мин күүтэр тылларбын эппэтилэр. Ыҥыттардым. Саас, кулун тутар ый. Хоспор хатыҥыр, сырдык, сымнаҕас, сэмэй, ыраас баҕайытык көрө-истэ сылдьар эдэр киһи киирэн кэллэ. Ленинград куоракка Виктор Сергеевич Литвинович оскуолатыгар ыҥырыллан үс сыл дуобатынан дьарыктанан маастар нуорматын толорбут эбит. Саҥатыттан үөрэммит тренерин ытыктыырын, билиитэ-көрүүтэ киэҥин сэрэйдим уонна хайдах бу дуобат федерацията маастардары бэлэмниир кыахтаах киһини букварь үөрэттэрэ сылдьарый диэн санаа кыыма саҕылынна. Кинини республика дуобакка тренердэрин бас-көс киһитинэн аныырбын, бастакы соруга – маастардары бэлэмниир үлэ буолуохтааҕын, иккиһэ – атын ол-бу дьарыгы батыһыа суохтааҕын эттим. Ити икки соругу биир сыл иһигэр толордоҕуна икки хостоох дьиэ туруорсан бэрдэриэм диэн эрэннэрдим. Илии тутустубут.
Азаров уһулуччулаах дуобат оскуолатын тэрийбит чулуу тренер Н.Н. Кычкин тулхадыйбат дуобат баҕа санаатын уһуйбут оҕолорун, Бырдыннырова Мария Никитична оҕолор уйулҕаларын түмэн сүрдэрин күүһүрдэр дьикти ньыматынан бэлэмнээбит уолаттарын, кыргыттарын салгыы теорияҕа олоҕурбут тактиканан чочуйан, үлүһүйэн туран үлэлээн, оҕолору тэллэй курдук үүннэртээн киирэн барда. Күрэс түһүлгэтигэр биир чаҕылхай тренер көстүбүтүттэн үөрэн икки хостоох дьиэни кэпсэтэн аҕыйах ыйынан бэрдэрдим. Кэнники дуобатчыттары кытта бииргэ үлэлии сылдьан Литвинович улахан дуобатчытын ааһан чулуу тренер-методист эбитин билбитим. Биһиги Сашабыт дьоҕурун сөбүлээн, кыаҕын өтө көрөн ылсан үөрэппитэ биһиэхэ дьолунан эргийбит. Ол быһаарыыта маннык. Литвинович күрэхтэһии хайдах барбытын, ким бастаабытын сиһилии суруйарыттан, Сашаны спортротаҕа көһөрөллөрүн туруорсубутун, дуобакка бэйэтэ өйдөөн, суруйан, чочуйан таһаарбыт теорияларын киниэхэ эрэ уларсан ырытыһарыттан, Саша бэйэтэ айан таһаарбыт көмүскэнэр варианнарын ырыта олорорун туһунан суруйарыттан ааҕан билбитим.
Холобур, маннык суруйар «Насчёт «Киевской защиты» 1.cd4 fg5 2.bc3 gh4 3.cb4 gf6 4.dc5- 5.-cb6 6.de3 – 7.- hg5 8.ba5- 9.-c3 hg7 10.ab2 ed6 11.ab4 de5 12.cd2 gf4 13.ba3 fe7 14.bc5 fg5 15.cb4 ef6 16.dc3 dc7 17.cd4- 18.- – 19.ab4- 20.ed2 – 21.h:f8 и после…hg3 чёрные вынуждены идти на ничью. Желаю тебе успехов, пиши! И, надеюсь, до скорой встречи в Ленинграде! Приедешь – звони, мой телефон…».
Азаров чочуйан таһаарбыт сахалар биир чулуу киһибит, дуобакка уһун (классическай) оонньуутугар сэттэ, түргэн (молниеноснай) оонньуутугар биэс төгүллээх, уопсайа Аан дойду 12 төгүллээх чемпиона, Чурапчыттан төрүттээх гроссмейстер Гаврил Гаврильевич Колесов маннык ахтыыны дьонугар-сэргэтигэр бэлэхтиир:
«Александр Гаврильевичтыын бастакы көрсүhүүм арааhа 10-ча саастаахпар буолуо, оччотооҕу тренерим, Саха сирин, Россия үтүөлээх тренерэ Кычкин Н.Н. билсиhиннэрбитэ. Оҕолорго бэйэм саастыылаахтарбар кыайталаан эрэр кэмнэрим этэ. Тренерим Николай Николаевич «дьэ, көр Ганя, бу Александр Гаврильевич курдук улахан маастар буолуохтааххын» диирэ. Дуобат туhунан хаhыаттарга, сурунаалларга, кинигэлэргэ биллэр, күүстээх дуобатчыттар ортолоругар Азаров диэн араспаанньаны көрдүүрүм, кини партияларын үөрэтэрим. Александр Гаврильевич арааhа миигин саамай элбэхтэ «ытаппыт» дуобатчыт буолуохтаах. Оҕо сылдьан күрэхтэhиилэргэ хоттордохпуна кыhыыбыттан ытыыр этим. Аныгыскыга хайаан да кыайыам диэн сыал-сорук туруорунан, күүскэ дьарыктанан, кэлин син хаста да «иэстэһэн» турабын. Александр Гаврильевич дуобатчыт быhыытынан саамай улахан ситиhиитэ 1994 сыллаахха Дьокуускайга үрдүк таhымҥа ыытыллыбыт Аан Дойду Чемпионатыгар боруонса мэтээл хаhаайынынан буолан, сахалартан бастакынан гроссмейстер нуорматын толорбута.
Ити кэмнэртэн саҕалаан Александр Гаврильевич миэхэ тренер буолбута. Тренерим элбэх сыллаах сыратынан, үлэтинэн элбэх кыайыылары ситистим. Кини билиитэ, опыта, үөрэтэр ньымата, оонньонуллубут партиялары ырытан саҥа албастары арыйсыбыт үлэтигэр махтанабын уонна кини дьоҕуругар сүгүрүйэбин. Сахалар дуобакка кыайыыларбыт-хотууларбыт Александр Гаврильевич ситиhиититтэн саҕаламмыта чопчу. Александр Гаврильевич Саха сирин сүрүннүүр тренеринэн 30-ча сыл үлэлээн баран, «үөрэнээччибэр Гаврилга миэстэбин туран биэрэбин, сөптөөҕүн үлэлээтим, мин солбук тренеринэн сылдьыам» диэбитэ сылтан ордук кэм ааста. Элбэх сыл үлэлээбит, опыттаах тренер буолан, билигин миэхэ сүбэлиир-амалыыр, ыйан-кэрдэн биэрэр. Тренербин кытта үгүс сылларга эн-мин дэhэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ алтыhан бэйэ-бэйэбитин сүрдээх үчүгэйдик өйдөhөбүт. Александр Гаврильевич киhи быhыытынан сүрдээх эйэҕэс, элэккэй, үрдүк култууралаах, чиэhинэй, үтүө майгылаах киһи киһитэ буоларын билэбин. Тренербинээн Саха сиригэр дуобат өссө да сайдарын, ситиhиилэр кэлэ туралларын туhугар үлэлиэхпит, кыhаллыахпыт диэн соруктаахпыт».
Александр Гаврильевич чочуйбут үөрэнээччитэ Аан дойду кылаастаах гроссмейстер, Аан дойду, Европа, Россия кыайыылааҕа, сахалар биир чаҕылхай, киэн туттар киһибит Иван Августович Токусаров улахан түһүлгэҕэ ситиһиитин төрдүн маннык ахтар:
«Александр Гаврильевичтыын мин бастакы билсиим 1986 сыллаахха 6-с кылааска үөрэнэ сылдьар кэммэр Покровскай куоракка буолбута. Кини Ленинград куораттан кэлэн дуобакка саҥа сүүрээни киллэрэн эрэр кэмэ. Чуолаан теориянан оонньуур ньыманы сөптөөх хайысхаҕа туруорбут эбит. Ол саҕана мин тренерим Виктор Николаевич Петров теориялаан оонньуур ньыманы миэхэ бастаан үөрэппит киһи буолар. Ол саҕана учебник да, кинигэ да суох курдук саныыбын. Азаров «улахан оонньооччу» диэн тылы туттарын сөбүлүү истэрим. «Улахан оонньооччу буолар буоллаххына «Кол», «Жертва Кукуева» диэн дуобат теориятын билиэхтээххин» диирэ. Элбэх дебют теорияларын билэр буолан миигин сайыннарар баҕатыттан оонньууга араас варианнары көрдөрөр этэ. Соҕуруу элбэх күрэхтэһиилэргэ илдьэ сылдьар буолбута. Россия таһымыгар оҕолорго, улахан дьоҥҥо бастаабытым, оҕолорго Сэбиэскэй Сойуус күрэхтэһиитигэр иккис буолбутум. Ол сылдьан дебюттары, оонньообут партияларбытын элбэхтик ырытар этибит. Ол дьарыктар улахан түһүлгэҕэ тахсарбар олук буолбуттара чопчу. Мин Александр Гаврильевиһы Саха сиригэр дуобат теориятыгар улахан хамсааһыны таһааран сайыннарбыт киһинэн билинэбин. Кини кэлиэҕиттэн билиҥҥэ диэри сахалар дуобакка ситиһиибит кэлэ турарыттан дьон-сэргэ санаата өрө көтөҕүллэн үөрэрин, астынарын, инникигэ эрэлбит чиҥии турарын бары да көрө, истэ сылдьабыт».
Дьэ, итинник үтүө тылын-өһүн дьонугар-сэргэтигэр тренерин туһунан тиэрдэр киһибит Ньурбаттан төрүттээх Уйбаан Токусаров. Кини улахан дуобат оонньооччуларын остуоруйатыгар хаһан да хатыламмат түгэни көрдөрбүт саха. Аан дойду таһымнаах Абациев Николай диэн гроссмейстеры кытта 1996 сыллаахха Самарканд куоракка Аан дойду чемпионатыгар оонньуу олорон утарылаһааччытын 7 «киһитин» биирдэ эргитэн ылбыт чулуу дьоҕурдаах оонньооччу буоларынан саха эрэ барыта киэн туттар.
Дуобат федерацията үрдүк таһымнаах күрэс түһүлгэтигэр кыттыбыт үлэтин түмүгэ мин үлэлиирим саҕана 70-ча киһиэхэ тиийбитэ. 2015 сылтан 2022 сылга диэри Аан дойдуну хаста да кыайбыт араас саастаах оҕолору тренер Иван Олегович Павлов суруйбутунан маннык: Нахова Ксения – 1, Протодьяконов Анатолий – 4, Протопопова Айыына – 1, Скрябина Ангелина – 1, Филиппова Галя – 1, Федорова Тунаара – 8, Большакова Алена – 6, Большакова Альбина – 2, Говоров Прокопий – 2, Апросимова Сандаара – 5, Васильева Лиза – 3, Егоров Айсен – 3, Иванов Андрей – 1, Кондратьева Саяника – 2, Стручков Сайдам – 1, Алексеева Дайаана – 2, Габышева Дайаана – 2, Большаков Алексей – 2, Данилова Анита – 3, Николаев Егор – 2, Попов Коля – 1, Сафонова Юлиана – 3, Винокуров Олег – 1, Михайлов Арсен – 1, Бурцева Амелия – 3, Прокопьева Айыына – 2, Шахурдина Айсаана – 1, Сергеева Нарыйаана – 2 төгүл бастаабыттар.
Аны Аан дойду дуобакка улахан дьоҥҥо чулууларын ааттаталыахха: Федотов Андрей – 2, Стручков Николай – 4, Нахова Ксения – 1, Ноговицына Матрена – 5 төгүл бастаабыт уонна билиҥҥи дуобат чулуута. Быһа холуйан ааҕыы түмүгүнэн Аан дойду, Европа таһымыгар дуобат лидердэринэн биллибит сүүстэн тахса киһилээхпит быһыылаах. Бу өйү сайыннарар ньыманы баһылаабыт тренердэрбит ситиһиилэрэ. Олох, үөрэх, ситиһии бары хайысхаларыттан күрэс түһүлгэтин дьоно бастакы күөҥҥэ сылдьалларыттан идэлээх дьон астынабыт уонна саха ыччата атын да хайысхаҕа Аан дойду таһымыгар тахсыа диэн эрэнэбит.
Дуобакка сахалар ситиһиибит чахчы сүдү. Ол суолу биһиги өбүгэлэрбит өйдөрүгэр баарын өтө көрбүт, Россия наукатын олоҕун олохтообут Александр Федорович Миддендорф маннык эппитин ахтан ааһыахха: «Ассимиляционная сила этого татарского смешанного народа так велика, что при некоторых благоприятных условиях … По подвижности, сметливости и ловкому знанию людей они не уступают евреям. По части же хитрости якут может быть ещё и перещеголяет еврея. Он не страшится никакой опасности, эти-то свойства несомненно ставят якута выше еврея, с которым у него, кроме торгового духа и способности к торговле, одинаковая степень ловкости в рукодельных работах, равно как и наклонность и способность к разнообразным ремёслам …».
Аны бу ситиһии кистэлэҥэ айыллыбыт ньымаларын тренердэр кимиэхэ да көрдөрбөккө, куоһур оҥостон кистээн туттар мындыр өйдөрүгэр харалла сылдьарын Азаров арыйбыта. Дуобат бастакы соруга өйдүүр дьоҕуру эрчийэр, иккис соруга саха киһитэ Аан дойдуга тахсан омугун ааттатар баҕатыгар олохсуйбут. Атын хайа баҕарар идэ уһуйааччылара дуобатчыттар ньымаларын батыһаллара буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Сахалар былыр-былыргыттан Аан дойду дьоно былдьаһан-тарыһан, өстүһэн, өлөрсөн-өһөрсөн кыһыл көмүскэ умса түһэр абааһы адьынатын төрдүн өйдөөн, киһи ымсыырыгас, ордугурҕас ис баҕатын сайыннарбат, иҥсэтин көбүппэт үрүҥ көмүһү өрө тутар үгэһи олохтообуттара мындыр өйтөн таҕыстаҕа дии саныыбыт.
Азаров Александр Гаврильевич дьиҥ ис саха киһитэ буоларын туоһулаан өйдөөҕүмсүйбэккэ, билээҕимсийбэккэ, ааты-суолу кими да кытта былдьаспакка, ээр-сэмээр сылдьан саха дуобакка тренердэрин теорияҕа көҕүлээн, ыччат ис дьоҕурун таба көрөн, талан, ол арыллар суолун тобулан, чочуйан сайыннаран, сахалары «таҥара таайдарын» баһыйар турукка тиэрдэн, Аар Саарга аатырдыбытын билинэн Үрүҥ көмүскэ холуурбут сөп дии саныыбын. Бачча элбэх ыччат өйүн саҥа кэмҥэ Аан дойду үрдүк таһымыҥар тиэрдибит чулуу дьоммут суохтарын кэриэтэ, онон дуобатчыттары республика таһымыгар өрө тутан, бочуоттаан ааттарын үйэтитэрбит кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо холобур буолуо эбитэ дуу диэх санаабын тиэрдэбин.
Виктор НОГОВИЦЫН, 1990-2000 сылларга Саха сирин бырабыыталыстыбатыгар күрэс түһүлгэтин үлэтин салайсыбыт идэлээх, өрөспүүбүлүкэ күрэс түһүлгэтин сөбүлүүр түмсүүтүн салайааччыта.