Василий Неустроев: “Сүрүн сорук – Россия түһүлгэтэ!”
Көҥүл тустууга Дальнай Восток федеральный уокуругун эдэрдэргэ (21-гэр диэри саастаахтарга) күрэхтэһиитэ ыытыллан түмүктэннэ. Саха сирин хамаандата бэйэтин дьиэтигэр-уотугар барыта 21 мэтээли (5 кыһыл көмүс, 6 үрүҥ көмүс, 10 боруонса) ылары ситистэ.
Биһиги, Саха сирин бу саастаахтарга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Василий Неустроевтан, буолан ааспыт күрэхтэһии уонна инники соруктар тустарынан санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.
– Уолаттар бэлэмнэрэ, хамсаналлара үчүгэй соҕус. Өссө Саҥа дьыл иннинэ анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүү тэрийэн ыыппыппыт. Краснодарга буолбут Бесик Кудухов кэриэһигэр күрэхтэһиигэ уонна саҥа сезоҥҥа бэлэмнэнэ таарыйа. Краснодарга уолаттар бэлэмнэрэ арыый тиийбэтэх курдук буоллаҕына, икки сбор түмүгүнэн манна үчүгэйдик кытыннылар. Сүрүннээн былааннаабыт мэтээллэрбитин барытын ыллыбыт. Онон муус устарга буолар Россия түһүлгэтигэр диэри өссө икки сбору оҥороммут, бэлэмнэрэ өссө үчүгэй буоларыгар баҕарабын.
Бу күрэхтэһии түмүгүнэн үс бириистээх миэстэҕэ киирбиттэр дойду түһүлгэтигэр кыттар быраабы ылаллар. Биһиги манна, Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр биэс уолбутун туһуннарбатыбыт. Ол – Лев Павлов уонна Краснодардааҕы тустууга эриэ-дэхси көрдөрүүлэнэн, Россия хамаандатын резервнэй састаабыгар киирбит Николай Заболоцкай уонна Николай Захаров 57 кг, Иван Потапов 65 кг, Владимир Бояновскай 70 кг. Кинилэр билигин тус былаанынан бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Мантан салгыы икки сүүмэрдиир сбор оҥоруохпут. Бу олунньу ортотуттан кулун тутарга диэри биир үчүгэй сбор оҥорор былааннаахпыт. Манна бары бииргэ бэлэмнэниэхпит. Ону тэҥэ, кулун тутар 9-11 күннэригэр буолар, бастакы олимпийскай чемпиоммут Роман Михайлович Дмитриев кэриэһигэр турнир иннинэ эмиэ бэлэмнэниэхпит.
Күн сарсын, олунньу 6 күнүгэр лидер уолаттары, ол иһигэр Лев Павловы илдьэ Дагестаҥҥа сбордана барабыт. Онно тиийэн икки нэдиэлэ эрчиллиэхпит.
– Василий, махтал! Уолаттарга уонна эһиэхэ, саха тустуутун туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар тренердэргэ ситиһиилэри баҕарабыт!
Петр ПАВЛОВ.