Сонуннар

Уон уолбут финалга таҕыста

Дьокуускай. «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинигэр көҥүл тустууга 21 саастарыгар диэри Дальнай Восток федеральнай уокуругун күрэхтэһиитэ ыытылла турар. Түһүлгэҕэ Хабаровскай, Забайкальскай, Приморскай кыраайдартан, Амурскай уобаластан, Бурятияттан, Сахалинтан, Саха сириттэн кыргыттар уонна уолаттар мустан икки көбүөрүнэн ким күүстээҕин быһаарсаллар.

Бу күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кыттыбыттар – Россия түһүлгэтигэр кыттар быраабы ылыахтара. Оттон дойду бу саастаах спортсменнарыгар күрэхтэһии муус устарга Дьокуускайга ыытыллара былааннанар. Онон сүрдээх эппиэттээх күрэхтэһии ыытылла турар диэххэ сөп.

Бастакы күн түмүгүнэн маҥнайгы миэстэ уонна “уоскутар” бөлөх иһин тустааччылар билиннилэр.

Финалга көрсүөхтэрэ:

57 кг Петр Адамов – Николай Охлопков (иккиэн – Саха сирэ).

61 кг Артем Слепцов – Виктор Яковлев (иккиэн – Саха сирэ).

65 кг Аслан Трофимов – Игорь Матвеев (иккиэн – Саха сирэ).

70 кг Кирилл Мордовской (Саха сирэ) – Бабасан Подкаменев (Бурятия)

74 кг Андрей Румянцев (Саха сирэ) – Тамир Ешинимаев (Бурятия)

79 кг Роман Николаев (Саха сирэ) – Зоригто Ухинов (Бурятия)

86 кг Арсалан Бальжинимаев (Бурятия) – Давид Аршакян (Амурскай уобалас)

92 кг Евгений Аронов (Саха сирэ) – Аюр Нимаев (Бурятия).

97 уонна 125 кг күрэхтэһии эргиир систиэмэтинэн барбытынан, финалистар сарсын биллиэхтэрэ.

PS: Николай Охлопков, Артем Слепцов, Роман Николаев тустууларын видеотын «Дьулурҕан» хаһыат ютуб каналыгар көрүөххүтүн сөп.

Кыргыттарга кыттааччылар аҕыйах буоланнар, кинилэр киирсиилэрэ биир күнүнэн түмүктэннэ.

Кыайыылаахтар уонна призердар:

50 кг: 1. Александра Копылова, 2. Диана Данилова (иккиэн – Саха сирэ).

53 кг: 1. Алина Кривошапкина (Саха сирэ), 2. Яна Колесниченко (Хабаровскай).

55 кг: 1. Надежда Куличкина (Саха сирэ), 2. Виктория Зац (Сахалин).

57 кг: 1. Виолетта Махарова, 2. Наталья Ким (иккиэн – Саха сирэ).

59 кг: 1. Кундуунэ Борисова (Саха сирэ), 2. Онарина Кистанова (Амурскай уобалас).

62 кг: 1. Евгения Огородникова (Саха сирэ), 2. Арина Яковлева (Сахалин), 3. Мария Большакова (Хабаровскай).

65 кг: 1. Саяна Спиридонова (Саха сирэ).

72 кг: 1. Лилияна Рожина (Саха сирэ).

Сарсын, олунньу 5 күнүгэр күрэхтэһии сарсыарда 10:00 чаастан саҕаланар.

Петр ПАВЛОВ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

163633
Бүгүн : 13