Россия чемпионкатын чиэстээһин
Мэҥэ Алдан орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ сахаҕа сэдэх, омуктуу Дженнифер диэн ааттаах уонна дьиҥ сахалыы Дарбасова диэн араспаанньалаах кыыс Орел куоракка периферийнай ох саанан ытыыга Россия уонна Россия кубогын иһин күрэхтэһиилэргэ чемпионка буолла, икки кыһыл көмүс мэтээллээх кэллэ.
Итинник түгэн бэрт сэдэх буолуохтаах. Биир дойдулаахтара кинини уонна кини тренердэрин Василий Проковьевич Егоровы, Петр Семенович Андросовы чиэстээн көрсүһүү оҥордулар. Элбэх кэс тыл этилиннэ, өйдүү-саныы сырыттыннар диэн бэлэх-туһах, үбүнэн көмө да бэрилиннэ, ох саа атыылаһарга сертификат туттарылынна. Олохтоохтор ыллаан-туойан, үҥкүүлээн көрсүһүүнү сэргэхситтилэр. Ыалдьыттар Россия, Саха сирин, Томпо улууһун былаахтарын иннигэр олорон көрдүлэр, иһиттилэр. Тренердэр Егоров Василий Прокопьевич уонна Андросов Петр Семенович Мэҥэ Алдан төрүт олохтоохторо. Егоров АЛРОСА спортивнай оскуолатыгар оҕунан ытыы секциятыгар тренердиир, оҕолору, улахан дьону дьарыктыыр. Андросов Хандыгаҕа АЛРОСА спорт уонна култуура киинигэр директордыыр, ох саа секциятыгар тренердиир.
Ох саа спорда Саха сиригэр сайдан иһэрэ, ситиһиилэнэрэ киһини үөрдэр.
Бастакы саха охчута Павел Михайлович Стасов алҕаска охчут буолбут эбит. Бэйэтэ Ньурба Чаппандатыгар төрөөбүт сэрии тулаайаҕа детдомнарынан сылдьыбыт, кэлин аймаҕа ииппит. 7-с кылаас кэннэ Алдаҥҥа Горнай техникумҥа үөрэнэ киирэр, үөрэнэр, олорор усулуобуйата мөлтөҕүттэн, биир сыл үөрэнээт Дьокуускайдыыр. Онно педучилище фикультурнай отделениетыгар киирэн икки сыл үөрэнэр. Советскай армия кэккэтигэр сулууспалаан баран, Дьокуускайга болуотунньуктуур. 4СМУ- га үлэлии сылдьан гиряны анньыынан дьарыктаммыта.
1962 с. Сибиир уонна Дальнай Восток спартакиадатыгар Кызыл куоракка баран, 60 кг ыйааһыҥҥа 18 кыттааччыттан 2-с миэстэни ылар. Оҕунан ытыыга Саха сириттэн киһи суох буолан, онно 40, 60 метргэ күрэхтэһэр, иккис миэстэни ылаттыыр. Урут дьарыктамматах уолга улахан ситиһии. Дьэ, ол кэннэ ох сааны сэргээн Дьокуускайга общественнай тренеринэн үлэлиир, ох саатын спордун сайыннарарга сананар. 12 оноҕостоох 10 устуука германскай ох саата баара. Олорго уон киһини эрчийэр.
1964 с. Чурапчыга СМУ-га үлэлии барар. Онно да ох саатын умнубакка дьону дьарыктыыр. Кэлин спортивнай оскуолаҕа тренердиир. Бэйэтэ 1967-69 сс. Россия сборнайыгар киирэн күрэхтэһэр. Дьэ, санаа хоту английскай спортивнай ох сааланар. Онто 23 киилэ ыйааһыннаах этэ да, гиревик киһиэхэ улахан таһаҕас буолбата. Урут мас, төбөтө бойобуой ботуруонтан оҥоһуллубут оноҕоһунан күрэхтэһэрэ. Киниэхэ американскай алюминий оноҕостору биэрбиттэрэ да, онтулара сөп түбэспэт уһун этилэр.
Оҕунан ытыыга ССРС спордун маастара буолар. Саамай өрөгөйдөөх сылларынан ох саанан ытыыга 1972-1983 сс. этилэр. 1972 с. ох саатыгар РСФСР сборнайыгар 8 киһиттэн (4 эр киһи, 4 дьахтар) биэһэ П.М. Стасов үөрэнээччилэрэ этэ. Кинини Болгарияҕа ох саанан ытыыга государственнай тренеринэн ”бары усулуобуйаны оҥоробут”, диэн туран ыҥыра сатаабыттарын аккаастаммыта. Оччолорго патриот диэн тыл улахан суолталааҕа. Үчүгэй усулуобуйанан, харчынан манчыыктыыр туһата суоҕа. Сэбиэскэй былаас саҕана атын бары эйгэлэргэ курдук, тренердэр ортолоругар социалистическай куоталаһыы ыытыллара. Онно ситиһиилэрин көрдөрүүтүнэн П.М. Стасов 1972 сылтан 1976 сылга дылы кыайыылааҕынан тахсыбыта. Тустууга улуу тренер Д.П. Коркин кини кэннэ иккис миэстэ буолбута да элбэҕи этэр. Ол да буоллар, биһиги курдук көннөрү дьон истиибитигэр ох саанан ытыы, тустуу, бокс курдук дорҕоонноохтук иһиллибэт этэ. Мин санаабар, ол биһиги дьадаҥыбытыттан. Ох саа, кини оноҕоһо наһаа сыаналаахтар, омук сиригэр оҥоһуллар буолан. Ол иһин, оскуола эрэ барыта ылар кыаҕа суох. Тустууга хайа баҕарар эрчийиэххэ сөп, онон маассабай.
Сахалар хааммытыгар ох саанан ытыы баар буолан, Павел Стасов ыраах 1962 с. Спартакиадаҕа тиийдэ тиийээт, туох да бэлэмэ суох киирсэн, 2-с миэстэ буолан эрдэҕэ. Ону уһугуннарыахха, сайыннарыахха эрэ наада.
Дженнифербит тренерэ Егоров ол сыл саҥа төрүүр. Андросов проекка да суох.
Мантан көрдөххө, анал үөрэҕэ суох дьон тренердииллэр уонна дууһаларын уурар буолан ситиһиилэнэллэр эбит. Аатырар Коркин да нуучча тылын учуутала эбээт. Тустуу методикатын анаан үөрэппэтэх, специалист буолбатах киһи. Ол аата, кинилэр ураты талааннаах, дьиҥ сахалыы мындыр өйдөөх-санаалаах буолан спорду сайыннардахтара.
Биһиги да дьоммут оннуктар. Мэҥэ Алдаҥҥа 1978 с. төрөөбүт П.С. Андросов үрдүк техническай үөрэхтээх инженер. “Сахателеком”, “Ростелеком” үлэһитэ сибээскэ 18 сыл үлэлээн баран, Чурапчы физкультурнай институтун магистратуратын бүтэрэн, үлэтиттэн уурайан, Хаандыгаҕа көһөр. АЛРОСА спорт уонна култуура киинигэр директордыыр, ох саанан ытыыга секция арыйан дьону дьарыктыыр. Онно Дженнифер спорка бастакы хардыыларын оҥорор. Бэйэтэ классическай ох саанан 2010 с. дьарыктанар, Россия спордун маастара, республика чемпиона. Олоҥхо ыһыаҕын 2014, 2018 сс. кыайыылааҕа, Манчаары оонньуутун рекордсмена.
Василий Прокопьевич Егоров маҥнай культпросвет училищеҕа үөрэммитэ, кэлин педучилище физкультурнай салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскуолаҕа физкультура учууталынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Ол курдук, саас аайы ”Эрэл” оҕо спортивнай күрэхтэһиитин тэрийэрэ, араас походтарга сырытыннаран оҕолору кэрэхсэтэрэ, дуобакка эрчийэрэ. Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн дэгиттэр гына иитэрэ. Кэлин АЛРОСА спорт уонна култуура киинигэр тренерскэй үлэҕэ барбыта. Дженнифер салгыы киниэхэ ох саанан ытыыга дьарыктаммыта.
Мантан көстөрүнэн, Саха сиригэр ох сааҕа тренердэр олох энтузиастар эбит. Сүрэхтэрин баҕатынан дьарыктаан ситиһиилэнэллэр. Болуотунньук Стасов Павел, үрдүк үөрэхтээх инженер Андросов Петр, режиссер Егоров Василий ох саанан ытыыга тренердииллэр Холобур, тоҕо Петр Семенович үрдүк хамнастаах “Ростелеком” үлэтиттэн спорка көстө?!
Физкультура, спорт, култуура, үөрэхтээһин үлэһиттэрэ бюджетнай тэрилтэлэр буолан, хамнастара уруккуттан кэмчи этэ. Харчы оҥорор тэрилтэлэр буолбатах буоллаҕа. Итинник санаатахпына, спорт энтузиастарынан киэн туттабын. Дженнифер Дарбасова курдук тыа сирин оҕолорун дьарыктаан Россияҕа тиийэ бастыылларын ситиһэллэр. Ох саанан ытааччы спортсменнар бары муус маҥан таҥастаахтара харахха быраҕыллар. Аны бу спорт көрүҥэ олох киэҥ холку буолууну, илиигэ күүстээх кыанар буолары ирдиир. Классическай ох саа ыйааһына 23 киилэ. Периферийнай ох саа да ыйааһына добуочча буолуохтаах. Ону ууммут аҥаар илиигинэн хамсаппакка, илибирэппэккэ тутуу, туохха да аралдьыйбакка кыҥааһын, ытыы элбэх сыраны ылар буолуохтаах. Ол хаачыстыба киһи характерын эрчийэн дьоһун киһи буоларга иитэрэ чуолкай.
Ону олус чопчутук ”Спорт Якутии” хаһыакка суруйаллар: “Оҕунан ытыы спорт дьикти, сиэдэрэй, уйулҕа уйгуурар көрүҥэ. Туналы маҥан көстүүм, омук ох саата, оноҕостор, толору экипировка – охчуту ураты көстүүлээх оҥороллор. Тас көстүүтүн сэргэ, ис хоһоонунан спортсмены иитэр-өйдөтөр, эти-сиини сайыннарар, бэрээдэккэ, тулалыыр эйгэҕэ үтүө санааланыыга ыҥырар-угуйар суолталаах, өрүттээх. Ол да иһин буоллаҕа буолуо, оҕунан ытыынан дьарыктанааччылар үрдүк култууралаахтар, олоххо боччумнаахтар. Майгыларынан холкулар, буолуталыыр түгэннэри ырытан, сыаналаан баран быһаараллар. Оҕунан ытыынан дьарыктанан тус олохторугар үчүгэй өттүнэн туһаммыттар элбэхтэр”, – диэн.
Дженнифер Дарбасова тас көрүҥүнэн нарына-намчыта, киһи кинини гимнасткаҕа холуур. Онно үчүгэйкээн ис-киирбэх кэрэ дьүһүнү эбэн кэбис.
Оҕобут Дженнифер барахсаҥҥа үрдүктэн үрдүк үрдэллэри дабайан ситиһиилэргинэн өссө да үөрдэ тур, чэбдик доруобуйалан, оскуолаҕын ситиһиилээхтик бүтэрэн, сөбүлүүр үөрэххэр үөрэнэн, үчүгэй идэни ылан, төрөөбүт республикаҕын сайыннар, тус олоххор дьол-соргу эрэ тосхойдун диэн алҕаатахпыт буоллун!
Мария НЕЙМОХОВА.
2023 сыл, олунньу ый.