Сонуннар

ПАНКРАТИОН Сэһэнтэн быһа тардыы

Киэҥ-куоҥ спорткомплекска панкратион күрэстэһиитэ буола турар. Бииктэр, Рамазанов диэн хапкаас байыаһын кытта киирсиэхтээх.

Ыйааһын кэмигэр сиэх-аһыах баҕайдык көрүтэлээн сүрдээх киһи. Манна кини ыалдьыт буолбакка, хаһаайын курдук туттар, клеткэ иһигэр муҥур тойон курдук сананар. Утарыта туруортаан “харахтарынан ытыалаһыннаттаабыттарыгар” хараҕын уота сүрдээх, билигин да сотуһан барыахтыы дьүккүҥнүүр. Хаһааҥҥыттан эрэ өстөөҕүн көрбүттүү, Бииктэри оҕус курдук сүүһүн аннынан көрөн күрдьүөттүүр. Бииктэр ол аайы кыһаммат, кимиэхэ да өһүөнэ суохтук туттар. Онуоха Рамазанов сэнээн гынар дии санаан, абаккаран сымыһаҕын быһа ытыран баран, Бииктэри түөскэ кэптэ. Онуоха тэрийээччилэр нэһиилэ тохтоттулар.

Рамазанов кыайыыта-хотуута да элбэх эбит, үксүн дөйүтэн кыайбыт. Ол иһин да бэйэтин билиммитэ өтө көстөр. Сэрэбиэйгэ Бииктэр ким кыайбыкка киирэр курдук түбэспитэ. Ол аата, бастакы эргииргэ ыйааһына суох буолан сынньанар. Украинеһы кытта Рамазанов киирсэллэр. Хайалара кыайбыкка Бииктэр киирэр.

Киэҥ уораҕай саалаҕа уот-күөс бөҕө. Прожектордар киирсэр клеткэни эргиччи тыгаллар.

Киирсэр байыастары ааттарын доргуччу этэллэр, туох ситиһиилээхтэрин билиһиннэрэллэр. Бастаан украинеһы эттилэр. Онтон Рамазанов аҥнан бохтон таҕыста. Эҥин араастаан тиэриллэҥниир, публикаҕа уруһуйданар. Салгыны хайыта сутурҕалаан, адьырҕа кыыллыы сарылаамахтаан ылла. Рефери иккиэннэрин утарыта туруортаата, Рамазанов хохолу “Өстөөҕүм бу сылдьар эбит дии!” диэбиттии өтөрүтэ көрбөхтөөтө. Сүүс сүүстэринэн даҕайсан түсүһээри тыҥаан турдулар, судьуйа айа кылыытын тардарын кэтэһэллэр.

Рефери быраабыланы өссө төгүл бигэргэтэн баран, төлүтэ тардыталаан кэбистэ. Рамазанов баһан таһааран баһынан түһэриэхтии атаҕар түһэн эрдэҕинэ, украинец кэннинэн чинэрийэн тэйэн биэрдэ, уонна “хай кигынан” суон моонньуга тэптэ. Хапкаас бөҕөһө ону баардылаабата хахай кыыллыы үрдүгэр ыстана сатыыр. Хохол куота сылдьан лоу кигынан атахха тэбиэлиир. Рамазанов итии хаана эбии көймөстөр, илбис тыына уһуктар. Ханнык эрэ кэмҥэ атаҕыттан харбаан ылан, булгу сөрөөн түһэрдэ. Баттаан сытан сирэйин биликтээтэ, хохол төбөтө мэктиэтигэр мээчик курдук өрүтэ тэйиэккэлиир. Онтон өй ылан эргичис гынан умса сытан, илиитинэн блоктанан көмүскэнэ сатыыр. Онуоха хапкаас байыаһа үрдүгэр тахсан кэнниттэн муомахтаата. Хохол тыына хааттаран өҥүргэс курдугунан көрдө. Тыына кылгаан, күнэ харааран барбытыгар, ааттаһан бэринэн мааты ытыһынан таптайбахтаата. Онуоха рефери Рамазановы кэлэн кэдэрги тардан нэһиилэ араарда. Күннээх хапкаас уола өстөөҕүн өһөрөн, саастааҕын самнаран уруйдаан-айхаллаан бөҕө буолла. Клеткэ үрдүгэр тахсан түөһүн охсунар. Иннигэр ким баарын барытын тырыта-хайыта тыытыах көрүҥнээх. Хотторуу хомолтотун билбит хохол уолун, нэһиилэ өйөөн, убаан таһаардылар.

Хапкаас байыаһа өрөгөй үҥкүүтүн үҥкүүлээн тахсан иһэн, Бииктэр олорорун көрөн, тарбаҕынан ыйан баран хабарҕатын хайы соттон көрдөрөр.

“Хоруопкун бэлэмнэнэ сырыт!” диэн кыбдьырынан ааста. Бииктэр утарылаһааччым үөҕүстэ диэн өрөһөлөммөтө, күүстээх дьон сиэринэн сонньуйан эрэ кэбистэ. Эйэҕэстик мичик гыммытыгар анаарыҥыта дьүһүнэ эбии дьэбин уоһуйда. Бадаҕа сорох утарылаһааччыларын көрүҥүнэн куттуу үөрэммит.

Анджела панкратиону хам-түм көрөөччү да кыһаммат этэ, билигин дьэ өйдөөн көрөн Бииктэр туһугар ытырыктата санаата. Кэпсэтэ таарыйа Бииктэргэ чугаһаата. “Витька ити наһаа сүрдээх киһи дии, атын киһини кытта киирсиһиннэриэхтэрэ суоҕа дуо?”

“Суох көһөрбөттөр. Сарсын мин кинилиин киирсэбин” – уол холкутун көрөн кыыс уоскуйда. Ол кэмҥэ били Анджеланы сырсааччы омук уола өрө халлыгыраан кэллэ. Онуоха Бииктэр туран уолаттарыгар барда.

***

Бииктэр Рамазановы кытта киирсээри турар. Саала иһигэр дьон ыһыыта-хаһыыта сүрдэннэ. Эмиэ киирсээччилэри муусука доҕуһуолунан киллэртээн, кыайыыларын-хотууларын ааттарын-суолларын хатылаан билиһиннэртээтилэр. Рефери эмиэ утарыта туруортаата, сулардыы бытыктаах Рамазанов кэйсээри күрдьүөттээн, буору бурҕайар атыыр оҕуһу санатар. Рефери улахан курдук этэ да улахан байыастар икки ардыларыгар, оҕо курдук көстөр.

Бастакы рауҥҥа тэҥҥэ кииристилэр, Бииктэр ыксаабат. Куота көтө сылдьар, халбы хаптарар, сиирэ-халты оҕустарар. Саала иһигэр дьон саҥата “Витька давай!” диэн үөгүлэһэллэр. Сүгүрүйээччилэр үксүтэ Бииктэргэ ыалдьалларын сөбүлээбэккэ, Рамазанов эбии кыйыттар. Кыыһыран-тымтан киирдэххэ киһи күүрэн илиитэ-атаҕа бааллар. Эбиитин Рамазанов мээнэ түстэлээн аҕылаата. Бииктэргэ бу эрэ наада этэ. Охсуһууга күүс эрэ буолбакка, мындыр өй эмиэ наада. Бииктэр куоппута буола сылдьан сэрэҕин сүтэрбит Рамазановы “мидол кигынан” ойоҕоско тэптэ.

Маны эрэ көһүппэтэх киһи ойоҕоһун харбаммытынан тобуктуу түстэ. Быара доргуйбут ыарыыта бэрдиттэн, сирэйин мырдыччы туттар. Онуоха Бииктэр атыттар курдук ыстанан тиийэн ситэрилээбэтэ. Илиитинэн “тур” диэн биллэрдэ. Рамазанов сирэйэ холлубут, хараҕын уота өспүт. Утарылаһааччыта бэйэтигэр эрэнэрин, холкутун сөхтө. Ол да буоллар хапкаас хадаар хаанын хамсатан, эмиэ атакалаан киирдэ, Бииктэр утары көрсүөх курдук уҥа илиитинэн сааратан баран, чинэрийэр кэмигэр эргийэн баран, “бедфиһинэн” оҕуста. Рамазанов умса баран түстэ. Бииктэр эмиэ ситэрилиир санаата суоҕун билэн рефери Рамазановы туруорда. Төбөтүн буккуйа-буккуйа туран эмиэ атахха киирэн эрдэҕинэ умса тардаат тобугунан сыҥаахха тэптэ. Эбиитин аллараттан апперкотунан оҕуста. Рамазанов өрүһүлтэтэ суох сирэйинэн мааты хоруйда.

Баарыан эрэ сиэх-аһыах буолбут киһи илиитин быластаабытынан дөйөн сытта. Саала иһэ ыһыы-хаһыы буолан Бииктэри уруйдууллар. Секунданнар Рамазановы туоҕунан эрэ ыстаран өйүгэр аҕаллылар. Туох буолбутун, ханна баарын өйдүү сатыырдыы төбөтүн буккуйар. Сыҥааҕа “ньир” гынаатын саала өһүөтэ эргийэн, дириҥ далай хараҥаҕа “ньимис” гыммыта. Билигин өйүгэр кэлэн хараҕа сырдаата. Айааһаммыт сылгы курдук уоҕурҕуура уостубут. Уота-күөһэ умуллан, уолугунан тыынара тохтообут. Онтон Бииктэр буоллаҕына киһини боҕутуннардым диэн ыстаҥалаабат. Оҕону бигээн утуппут курдук, холку көрүҥнээх. Рамазанов тиийэн илиитин биэрдэ, Бииктэри кууспахтаата “Үчүгэй эрэт эбиккин” диэн эҕэрдэлээтэ.

Ородьумаан.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227563
Бүгүн : 365