Истиҥ, иһирэх тэрээһин
Нам улууһун киинигэр саҥа тутуллан үлэҕэ киллэриллибит М.К. Аммосов аатын сүгэр Култуура уонна Духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар баар библиотекаҕа – РФ уонна СР физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин хайыһарга спордун маастара, үлэ бэтэрээнэ Клавдия Михайловна Шелковникова “Олоххо ситиһиим, эркээйи сулуһум – Спорт” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ бэрт өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Нам улууһун дьаһалтатын, спорка тэрилтэлэрин, улуус нэһилиэктэрин, Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин, дьүөгэлэрин, аймахтарын, ыччаттарын бөлөхтөрө биир-биир тахсан, Клавдия Михайловнаны эҕэрдэлээһиннэрэ олус истиҥник, иһирэхтик көһүннэ. Кырдьык да олоҕун спорка анаабыт, эдэр ыччаты чэгиэн-чэбдик олоххо угуйбут киһини ытыктааһын, кини үлэтин сөптөөхтүк сыаналааһын буолбутуттан, ааранан киһи сүргэтэ көтөҕүллэр.
“Олоххо ситиһиим, эркээйи сулуһум – Спорт” кинигэ бэйэтэ аата да этэринии, Клавдия Михайловна талан ылбыт дьарыгын, үлэлээн кэлбит олоҕун биир кэрчик кэмин ахтыыта, суруйуута.
Клавдия Михайловна – биэс оҕо иһирэх ийэтэ, элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ. Оҕолоро бары ийэлэрин суолун батыһан спордунан утумнаахтык дьарыктанан бастаан оскуолаларын, онтон оройуоннарын, салгыы республикаларын аатын араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ. Дьоро киэһэҕэ кинилэр бары оҕолорун сиэппитинэн күргүөмүнэн сыанаҕа тахсан ийэлэрин эҕэрдэлээһиннэрэ – тэрээһин биир долгутуулаах түгэнинэн буолла. Чахчы, спорка бэриниилээх дьиэ кэргэн. Манна даҕатан эттэххэ, утумнааһын бэлиэтинэн биһиги К.М. Шелковникова ыччаттарын спорка ситиһиилэрин өссө да истиэхпит, билиэхпит диэн бүк эрэллээхпит.
Бу олоххо кэлэн киһи мас олордуохтаах, дьиэ туттуохтаах, оҕо төрөтүөхтээх уонна кинигэ суруйуохтаах дииллэр. Ити сирдээҕи аналын биһиги геройбут барытын чиэстээхтик толордо. Аһара баран, айар киһи быһыытынан эттэххэ, Клавдия Михайловнаҕа бэйэтэ бэлэмнээн таһаарбыт кинигэтэ – кини алтыс оҕото диэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэргит, кинигэ суруйан, оҥорон таһаарыы манан аҕай дьыала буолбатах. Бу, элбэх үлэни, дьаныары, тулууру эрэйэр үлэ. Ханнык баҕарар ааптар бэйэтин сүрэҕэр, дууһатыгар чугастык сыһыары тута сылдьар олоҕор биир бэлиэ ситиһиитэ.
Мин бэйэм эҕэрдэ этиибэр, кинигэ тахсан баран ааҕылла-көрүллэ охсуллаат, долбуурга ууруллан хаалбакка, тутатына киэн хабааннаахтык үлэлиэхтээх диэтим. Ханнык баҕарар маннык кинигэ – киһини, оҕо аймаҕы иитэр-үөрэтэр суолталаах. Ону туһанан нэһилиэккэ, оскуолаҕа, спорду сэҥээрээччилэргэ ааптары кытта көрсүһүүлэри тэрийэн, физическэй култуураны уонна спорду киэҥ эйгэҕэ тарҕатыахха, оҕолору угуйуохха сөп.
Үөрүүлээх кэрэ бэлиэ тэрээһиҥҥэ Клавдия Михайловна спорка бэриниилээҕэ, кыайыыга дьулуурдааҕа, дьону түмэр дьоҕурдааҕа барыта ахтылынна. Кини төһө да билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор – кыаҕын, талаанын, билиитин-көрүүтүн туһанан улуус спорда салгыы сайдарыгар туһаныахха диэн этии элбэхтэ иһилиннэ. Олох салҕанар. Клавдия Михайловнаны саҥа саҕахтар угуйаллар…
Ити курдук, физкултуура учуутала, тренер киһини кинигэ оҥорон таһаарбытынан чиэстээһин-бочуоттааһын бэртээхэй тэрээһинигэр сылдьан, бэркэ астынан, били оҕо сылдьан ытыктыы көрөр бэтэрээн спортсменнарбын көрсөн кэллим, ол иһин Клавдия Михайловнаҕа улаханнык махтанабын!
Петр ПАВЛОВ.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.