Сонуннар

Дьокуускайдар бастыҥнарын бигэргэттилэр

Ньурбаҕа, сахалартан бастыкынан көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус спордун маастара Дмитрий Максимович Данилов кэриэһигэр 2008-2009 сс. төрөөбүт уолаттар республикаҕа хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэрэ ыытыллан түмүктэннэ.

Хамаанданан күрэхтэһии хаһан баҕарар наһаа тыҥааһынаах, хас биирдии очкону аахсыылаах, киирсиилээх буолааччы. Маннык күрэхтэһииттэн биһиги – ханна үчүгэй үлэ ыытылларын, бастыҥ спортсменнар баалларын быһааран билэбит.

Түһүлгэҕэ 17 хамаандаттан барыта 309 эдэр бөҕөс күөн көрүстэ. Эрдэттэн сэрэйиллибитин курдук, уопсай хамаанданан түмүккэ Дьокуускай, Чурапчы, Сунтаар хамаандалара, ким бастакы миэстэни ыларын быһаарсыахтаахтара. Тоҕо диэтэргит, ырытан көрдөххө, кэлиҥҥи сылларга тустууга сүрүннээн бу хамаандалар илин-кэлин түсүһэллэр. Түмүк оннук да буолла. Киин куорат хамаандата (тренер Н.Н. Никифоров) 98 очколаах эрэллээхтик бастаата. Иккис миэстэни 82 очколаах чурапчылар (тренер И.М. Сысолятин) уонна үсүһү 57 очколаах сунтаардар (В.О. Яковлев) ыллылар.

Алта күүстээхтэр ахсааннарыгар Ньурба, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас хамаандалара киирдилэр. Салгыы миэстэлэри Амма, Уус Алдан, Нам, Горнай хамаандалара ыллылар.

Күрэхтэһии 12 ыйааһыҥҥа ыытыллыбытыгар, оруобуна аҥаарыгар – Дьокуускай хамаандатыттан Антон Голиков (35 кг), Ариан Винокуров (38 кг), Эрхаан Куличкин (41 кг), Вадим Николаев (48 кг), Уйгун Бурцев (52 кг) уонна Жаксылык Асанов (85 кг) бастаатылар. Маны тэҥэ түөрт уол бириистээх миэстэҕэ олордо. Манна даҕатан эттэххэ, бу бөҕөстөрү тренердэр: норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Николай Яковлев; спорт маастара, Бүтүн Россиятааҕы категориялаах судьуйа Вячеслав Кривошапкин; Саха сирин үтүөлээх тренерэ, бэтэрээннэргэ аан дойду икки төгүллээх чемпиона Иннокентий Кочкин эрчийэллэр.

Атын ыйааһыннарга кыайыылаахтарынан таҕыстылар: Эрнест Яковлев (Сунтаар, 44 кг), Михаил Семенов (Бүлүү, 57 кг), Игорь Тарасов (Уус Алдан, 62 кг), Артур Кузьмин (Чурапчы, 68 кг), Артур Слепцов (Мэҥэ Хаҥалас, 75 кг), Айхаан Кривошапкин (Хаҥалас, 100 кг).

Ханныгын да иһин, билиҥҥи кэмҥэ оҕолор уонна уолаттар тустууларыгар Василий Васильевич Уйгуров дириэктэрдээх В.П. Керемясов аатынан Дьокуускай куорат 3 №-дээх спортивнай оскуолата инники күөҥҥэ сылдьар. Бу, аймньылаах, сыралаах үлэ туоһута. Атын улуустар, хамаандалар кинилэртэн холобур ылыахтарын наада. Манна сатабыллаах салайааччылар, талааннаах тренердэр түмсэн, көхтөөхтүк үлэлииллэр. Бэйэлэрин күүстэринэн нэдиэлэ аайы кэриэтэ элбэх тэрээһиннэри, көрсүһүүлэри, күрэхтэһиилэри тэрийэн ыыталлар. Баҕар сорохтор, «бэрди, куораттар» диэххит да, барыта, үүннээн-тэһииннээн биэрииттэн, тэрээһинтэн тутулуктаах…

Петр ПАВЛОВ.    

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227564
Бүгүн : 366