Бөҕөстөрбүт Бурятия көбүөрүгэр
Улан Удэҕэ Дальнай Восток федеральнай уокуругун көҥүл тустууга чемпионата ыытылла турар. Бастакы күн түмүгүнэн бары ыйааһыннарга маҥнайгы миэстэ иһин кимнээх киирсэллэрэ быһаарылынна.
Ол курдук, чемпион аатын ким ылыыга биһигиттэн 9 бөҕөс тустар, ол иһигэр 57 уонна 70 кг финалга сахалар көрсөр буоллулар. Икки ыарахан ыйааһыҥҥа кыттааччылар аҕыйах буолан, тустуу эргиир систиэмэтинэн ыытылынна. Онуоха Никита Хабаров (125 кг) балаһыанньата үчүгэй. Онон кинини ааҕан туран, билиҥҥитэ үс кыһыл көмүстээхпит диэххэ сөп.
Көбүөр хаһаайыттара – буряттар сэттэ киһилэрэ финалга таҕыста.
Хамаанда хапытаана Ньургун Сергин (92 кг) финалга тахсар иһин киирсиигэ, били ааспыт күһүн А.Крылов кэриэһигэр Бүтүн Россиятааҕы турнирга хойутаан кэлэн, быһа хотторбут киһитин Аюр Нимаевы (Бурятия) 4:0 ахсаанынан эрэллээхтик хотто. Санатан эттэххэ, Нимаев соторутааҕыта Дьокуускайга кэлэн 21-гэр диэри саастаахтарга Дальнай Восток күрэхтэһиитигэр кыайбыта.
Спорт маастара Владислав Кривошапкин урукку өттүгэр наар 65 кг тустар этэ. Оттон бу күрэхтэһиигэ кини бэйэтин күүһүн 70 киилэҕэ холонно уонна үчүгэй өйдөбүлү үөскэттэ. Финалга тахсар иһин тустууга олохтоохтор эрэллэрэ, Россия чемпионатын призера буола сылдьыбыт опыттаах бөҕөс Булат Батоевы кыайыыта улаханнык сыаналаныан сөп.
Чемпион аатын ылар иһин тустуу сарсын буолар.
Финалга көрсүөхтэрэ:
57 кг Айаал Белолюбскай – Алексей Копылов (иккиэн – Саха сирэ).
61 кг Жаргал Дамдинов (Бурятия) – Петр Константинов (Саха сирэ).
65 кг Дьулусхан Тотонов (Саха сирэ) – Виктор Жербаев (Бурятия).
70 кг Владислав Кривошапкин – Олег Фомин (иккиэн – Саха сирэ).
74 кг Буян Цыренов (Бурятия) – Станислав Свинобоев (Саха сирэ).
79 кг Тумэн Бодиев – Очир Доржиев (иккиэн – Бурятия).
86 кг Мгер Кочаян (Приморскай) – Буянто Шадапов (Бурятия).
92 кг Ньургун Сергин (Саха сирэ) – Валентин Груздев (Хабаровскай).
97 кг Илья Жибалов (Бурятия) – Максим Толмачев (Саха сирэ).
Бу түһүлгэҕэ ситиһиилээхтик тустубуттар аны сайын Каспийскайга (Дагестан) буолар Россия чемпионатыгар кыттар быраабы ылыахтара.
«Дьулурҕан».