Сонуннар

Таатта талыыта – Валерий Иванов!

Тохсунньу 28 күнүгэр доҕорум, биллиилээх тустуук Валерий Иванов төрөөбүт күнэ. Кэргэнэ, биллиилээх көрбүөччү Иванова Наталья Дмитриевна суох буолбута сотору 40 хонугун туолар. Доҕорум санаатын көтөҕөн кыра ахтыы суруйдум…

2023 с. тохсунньу 28 күнүгэр биһиги доҕорбут, бэйэтин кэмигэр Таатта талыыта, спорт маастара Валерий Иванов диэн бэрт элбэхтик араас таһымнаах түһүлгэлэргэ бэйэтин аатын дорҕоонноохтук ааттаппыт биллиилээх тустуук 73 сааьын туолар!

Валерий Иванович сайдыылаах, үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах учуутал дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт-улааппыт буолан, олох кыра эрдэҕиттэн элбэх кинигэни ааҕан, дьонуттан ураты иитиини ылан, ханна да үөрэммитин тухары бастыҥ үөрэнээччилэр ахсааннарыгар сылдьыбыта. Кини майгытынан ураты көнө, көссүө, киһини бэйэтигэр тардар сэһэннээх-сэппэннээх буолан, ханна тиийдэ да ытыс үрдүгэр сылдьара. Бииргэ алтыһар до5отторо киниэхэ олус истиҥник, иһирэхтик сыһыаннаһаллара.

Валерий Иванов тустарын биирдэ эмит көрбүт дьон олох өйдөрүгэр хатаан умнубакка сылдьаллар. Ол курдук, кини күлүмэхтэтэн, киирэн-тахсан, тохтоло суох ыган-түүрэн тустара дьоҥҥо сөбүлэтэр буолара. «Урожай» общество Киин Сэбиэтигэр бастыыр иһин күрэххэ Байбал Пинигиҥҥэ уһуннук сүрүн утарсааччынан сылдьыбыт Европа чемпионун Икаху Гайдарбековы кыайбытын, араас таһымнаах турнирдарга Россия, Саха сирин элбэх биллэр-көстөр тустууктарын охтортообутун тустууну таптааччылар өйдүүбүт.

1970 с. ахсынньы бастакы күннэригэр Дьокуускай куоракка тустуу улахан маастардара уонна ыччаттар кыттыылаах республиканскай турнир буолбута. Онно армияттан саҥа кэлэ сылдьан Уус-Алдан оруйуонун хамаандатыттан киирэн кыттыбытым. Ол күрэххэ аатырбыт тустууктар Петр Алексеев, Алкивиад Иванов, Алексей Ермолаев, Анатолий Габышев, Николай Алексеев, Иннокентий Халдеев уо.д.а. кыттыбыттара. Ити күрэхтэһиигэ Валерий Ивановы аан бастаан көрбүтүм уонна миигин соһуппут биир түгэни өйдөөн хаалбытым.

Ол саҕана Советскай Союз оҕолорго уонна ыччаттарга чемпиона Семен Морфунов аатыра аххан сылдьара. Арай, сыгынньахтанар хоско олордохпуна биир ачыкылаах, иһиттэн хайдах эрэ сырдаан көстөр, интеллигентнэй баҕайы мөссүөннээх уолга Семен чугаһаан кэллэ уонна: «Валера, тэҥнэһиэххэ эрэ, эн син биир бастаабат буоллуҥ, эн миигин кыайдаххына, Исидорович бастыан сөп» – диэтэ. Валерата ыарыах курдук буолан баран сөбүлэстэ. Мин олус соһуйбутум, бу Семен Морфунов курдук уһулуччулаах тустуук тэҥнэһии көрдүүр туох алдьархайдаах уолай диэн. Тута дьонтон ыйыталаспыппын, Валерий Иванов диэн Таатта тустууга, алдьархайдаах киһи диэн быһаарбыттара.

Онтон мин Харьковка юридическай институтка үөрэнэ киирэммин, 1975 с. бүтэрэн, Тааттаҕа следователинэн ананан тиийбитим. Онно Валерий Кыйыга аатырбыт ньирэй көрөөччу буола сылдьара. Түптээн дьарыктаммакка сылдьан оройуон, Илин эҥэрдээҕи зона күрэхтэһиилэригэр холкутук бастыыра. Ол эрэн, тоҕо эрэ зонаҕа 4 төгүлүн бастаан баран, республикаҕа биирдэ да кыттыбатаҕа. Зонаҕа кыайталаабыт тустууктара республика чемпионаттарыгар кыттан бастыыр, эбэтэр бириистээх миэстэҕэ тиксэр буолаллара.

Кэнники сыыйа Валера хапсаҕайга көспүтэ, онно да олох уһулуччу этэ. Ураты айылҕалаах киһи буолан тас көстүүтэ, тустар таҥаһа-саба да ураты буолара. Баттаҕын килэччи кырыттаран, өссө бириэйдэнэн баран, үөһэ уоһун үрдүнэн тор курдук бытыктаах, курданарыгар диэри сыгынньах, кыһыл атлас шаровардаах, атах сыгынньах туста тахсара эмиэ умнуллубат көстүү этэ. Онно эбии быһыыта-таһаата чочуллубут курдуга, сэбэрэтэ кэрэтэ дьону-сэргэни умсугутар буолара. Улууһугар олох тулуталаабата, ыйааһыныгар эрэ буолбакка абсолютнайга кытта бастыыра. Кэргэним тустууну сэргиир тыла суох Кэнчээри диэн убайдаах этэ, кини Валераны көрө-көрө таптыыра, ытыһынан төбөтүн имэринэн баттаҕа суоҕун көрдөрө-көрдөрө үөр да үөр буолара. Валера Дэбдиргэттэн төрүттээх буолан, Кэнчээри олус уруургуура.

«Дьоҕурдаах киһи барытыгар дьоҕурдаах буолар» дииллэринии, Валера үлэтигэр эмиэ уһулуччу үрдүк ситиһиилэрдээҕэ. Ол курдук, бороон көрөөччүлэр ортолоругар чемпион буолан республика үрдүнэн биллэн-көстөн путевканан наҕараадаланан, ол саҕана киһи санаата да тиийбэт сиригэр – Японияҕа, сынньана бара сылдьыбыта. Икки киһи көрөр борооннорун соҕотоҕун көрөрө-харайара, атын үлэһиттэр иккилии биэдэрэнэн уу таһан борооннорун уулатар буоллахтарына, кини иккилии 40-нуу лиитирэлээх бидоннарынан уутун таһара. Көр, оннук ураты кыахтаах, сүрэхтээх үлэһит киһи этэ.

Валера дьиҕнээх тапталын төрөөбүт Тааттатыгар булан, кэргэнин Наталья Дмитриевна Иванованы кытта үйэлэрин тухары бииргэ олордулар, икки оҕо тапталлаах ийэлэрэ-аҕалара, элбэх оҕо эһээлэрэ-эбээлэрэ буолан, кинилэр тапталларынан угуттанан уһуннук бииргэ олордулар.

Наталья Дмитриевна биллиилээх эмчит, көрбүөччү быһыытынан норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсыбыта, саха омук дьонугар-сэргэтигэр күүс-көмө, дурда-хахха буолара, санаалара самныбыттарга, эрэйгэ түбэспиттэргэ эрэли эбэр, санааны күүһүрдэр бастыҥ киһибит буолбута. Наталья Дмитриевна ураты айдарыытын сахалар эрэ буолбакка, араас дойду омугун дьонноро кытта билинэллэрэ, ол иһин Натальялаах Валера сүрдээх элбэх араас дойдуларга сырыттылар.  Кини ити ситиһиилэригэр куруук аттыгар баар эрэллээх доҕоро, тапталлаах кэргэнэ, биһиги доҕорбут – Валерий Иванович, кылаата улахан. Ыарахан ыарыы биһиги ытык киһибитин Наталья Дмитриевнаны күн сириттэн күрэтэн илдьэ барда.

Доҕорбутун Валерий Ивановиһы 73 сааһын туолбут күнүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Күндү киһитин сүтэрбит ыар күннэрин оҕолорун, сиэннэрин тапталларын күүһүгэр өйөнөн, этэҥҥэ тулуйарыгар. Доҕорун кэриэстээн, кини баҕа санаатын толорон чугас дьонугар күүс-көмө буолан өссө да уһуннук этэҥҥэ олороругар баҕарабыт!

Светлана Алексеевна уонна Игорь Игнатьевич НИКОЛАЕВТАР.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

218146
Бүгүн : 306