Интервью

Степан Сивцев: “Ситиһиилээхтик кыттар туһугар кыахпытын барытын туһаныахпыт”

Тохсунньу 12-14 күннэригэр Дьокуускайга, “Модун” спорткомплексыгар 2006-2007 сс. төрөөбүт уолаттарга Н.Н. Тарскай кэриэһигэр республикаҕа биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэһии ыытыллан ааста. Түһүлгэҕэ 17 хамаандаттан барыта 239 эдэр бөҕөс күөн көрүстэ.

Күрэхтэһии туһунан Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ, Д.П. Коркин аатынан СР физическэй культураҕа уонна спорка государственнай бириэмийэтин лауреата, Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданина, Саха сирин уолаттарга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Степан Петрович Сивцевтэн санаатын үллэстэригэр көрдөстүм.

-Бастатан туран, спорпут сайдыытыгар улууканнаах киһибит аата-суола үйэтитиллэн, салгыы салҕанан бара турара кэрэхсэбиллээх, – диир Степан Петрович. – Мин тустууга 1975 сыллаахха кэлбит буоллахпына, оччоттон Н.Н. Тарскай аатынан оҕолор республикатааҕы күрэхтэһиилэрэ баар. Историяны өҥөйөн көрдөххө, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо Тарскай күрэхтэһиитэ ааспыт үйэ 60-с сылларын бүтүүлэриттэн саҕаламмыт эбит.

Бэйэм 1977 сыллаахха Чурапчыга үөрэнэ сылдьан Тарскай оҕолорго күрэхтэһиитигэр кыттыбытым. Онно Ваня Корнилов диэн Хаҥалас уола бастаабыта. Петр Христофоров кыайбыта. Өссө Николай Кульбертинов хоппута. Кини, Петр Бурцев (Ньурба) уонна Мэҥэттэн Кеша Шарин буолан хардары-таары кыайсыыларыгар бастаабыта. Сүрдээх хатыһыылаах киирсиилэр буолбуттара. Мин 42 киилэҕэ Чурапчы чиэһин көмүскээммин иккис миэстэни ылбытым. Ньурба уолугар Аркадий Николаевка хотторбутум. Хамаанданан түмүккэ Чурапчы бастакы, иккис Ньурба, үһүс Мэҥэ Хаҥалас оройуоннара буолбуттара. Оччолорго Ньурба хамаандатын спорт маастара Николай Прокопьевич Иванов эрчийэн, салайан аҕалара.

Мин билэрбинэн, кэккэ сылларга сороҕор тэрээһинтэн, үптэн-харчыттан, ковидтан сылтаан бу күрэхтэһиини атарахсытан баран, иккис сылбытын бу түһүлгэ тэрээһинигэр улаханнык кыһалла сылдьабыт. Былырыыҥҥыттан биһиги аатырбыт бөҕөспүт, Россия 6, аан дойду 2 төгүллээх чемпиона, Ил Түмэн депутата Виктор Лебедев биһиги көрдөһүүбүтүн ылынан – миэстэлэспит оҕолору уонна бастаабыттар тренердэрин бириэмийэлээтэ. Итини тэҥэ биһиги эдэр политикпыт, “Биир ньыгыл Россия” партияттан Петр Черкашин, хамаанданан түмүк интэриэһин болҕомтоҕо ылыахха диэн, этиибитин ылынан барыта 100 тыһ. солк. (бастаабыкка 50, иккискэ 30, үһүскэ 20) бириис анаата. Ол иһин, күрэхтэһии сүрдээх сытыытык ыытылынна. Биэс хамаанда хара бастакыттан уопсай түмүккэ тэбис-тэҥҥэ тардыаласта. Чурапчы, Дьокуускай, Сунтаар, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр.

Манна даҕатан эттэххэ, Россия тустуутун салайса сылдьар биир дойдулаахпыт Петр Петрович Юмшанов күрэхтэһии бастакы күнүгэр тренердэри кытта көрсөн, сүбэ-ама биэрбитин уонна Олимпийскай эрэл училищетыгар ыытылла турар сборга наставник быһыытынан кыттыбытын бэлиэтиир оруннаах. Бары маннык түмсүүлээхтик үлэлээтэхпитинэ, кыайыыны ситиһиэхпит дии саныыбын. Талааннаах оҕолор бааллар, кылаабынайа үлэни сааһылаан ыытыахтаахпыт. Хоту улуустарбытыгар болҕомто ууруохтаахпыт.

Анал бириистэри олохтооһуҥҥа Н.Н. Тарскай биир дойдулаахтара – уус алданнар (дьаһалта баһылыга Алексей Васильевич Федотов) бастыҥ тустуукка диэн 10 тыһ. солк. харчыны иккис сылын туруордулар. “Өрөгөй” Спорка бэлэмнэнии киинэ (дириэктэр Михаил Пахомов) эмиэ уон тыһыынчалаах – “Кыайыыга дьулуур” диэн бирииһи туттарда. Итиэннэ Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетыттан дириэктэри солбуйааччы, биллиилээх бөҕөс Александр Контоев “Кыраһыабай хапсыһыы иһин” диэн икки сыаналаах бирииһи туттарда. Ити курдук, күрэхтэһии көрө олорон СР физическэй культураҕа уонна спорка министрэ Леонид Спиридонов уонна Томпо тренерэ Александр Моторин, бастыҥ бөҕөстөргө бэйэлэрэ харчынан бириис олохтообуттара хайҕаллаах.

Күрэхтэһиини оҕо спордун республикатааҕы киинэ (дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Михаил Варламов) иилээн-саҕалаан, сүүрэн-көтөн, тэрээһин үчүгэйдик барарын хааччыйда. Түгэнинэн туһанан “Модун” спорткомплекс дириэктэрэ, Ил Түмэн депутата Геннадий Васильевка, спорт саалатын эрэнэн, туран биэрбитигэр махтанабыт!

Итини тэҥэ Н.Н. Тарскай дойдутуттан – Уус Алдан Баатаҕайыттан (баһылык М.М. Белолюбскай), улуус бастыҥ бөҕөһүгэр диэн анал бириис олохтоотулар. Өссө баатаҕайдар, Н.Н. Тарскай музейыттан көһө сылдьар быыстапканы аҕалан көрдөрөн, сырдатар үлэҕэ кыттыспыттарыгар улахан махтал! Даҕатан эттэххэ, эһиил, 2024 сылга – Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сыла. Онон республика тустууга сүрүн күрэхтэһиилэрин Уус Алдаҥҥа тэрийэн ыытарга баҕа санаа баар.

Бу күрэхтэһии түмүгүнэн уолаттар Дальнай Восток федеральнай уокуругун түһүлгэтигэр бэлэмнэнэн “Өрөгөй” киинигэр анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүүнү тэрийэн ыытыахпыт. Уонна Благовещенскайга тиийэн, Россия күрэхтэһиитигэр кыттар иһин киирсиибит буолуоҕа. Былырыын итинник күрэхтэһиигэ Улан-Удэҕэ кыттан 22 путевкалаах этибит. Бүгүҥҥү туруктарын көрдөххө, уолаттар бэлэмнэрэ куһаҕана суох. Көбүөр көрдөрүө. Биһиги биллэн турар, кинилэр ситиһиилээхтик кытталларыгар кыахпытын барытын туһаныахпыт.

-Степан Петрович, кэпсээниҥ, билиһиннэриин иһин улахан махтал! Кырдьык, күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик, элбэх үчүгэй бириистэрдээх ыытылынна. Уолаттарбыт тустуулара сайдарын туһугар сыралаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт!  

Кэпсэттэ Петр ПАВЛОВ.     

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253181
Бүгүн : 39