Спорт уһулуччалаах тэрийээччитэ
// Афанасий Кирикович Софронов төрөөбүтэ 95 сылыгар
Саха сиригэр быйыл физкультурнай-спортивнай хамсааһын тэриллибитэ 100 сыла бэлиэтэнэр. Бу ураты суолталаах 2023 сылга уһулуччулаах спортивнай салайааччы, маассабай спорт тэрийээччитэ А.К. Софронов уонна улуу новатор-тренер, педагог Д.П. Коркин төрөөбүттэрэ 95 сыллара бэлиэтэнэр. Бу дьаһаллар чэрчилэринэн улууска анал комиссия тэриллэн былааннаах үлэни ыыта сылдьар.
Бүгүн биһиги – Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС физическэй культуратын туйгуна, Россия «Урожай» обществотын Бочуоттаах чилиэнэ Афанасий Кирикович Софроновы ахтан-санаан ааһабыт.
А.К. Софронов 1928 сыллаахха Одьулуун нэһилиэгэр тохсунньу 24 күнүгэр төрөөбүтэ. 1936 сыллаахха Одьулуун 4 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Салгыы аймахтарыгар олорон, Амма 7 кылаастаах оскуолатын 1943 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитэ. Аҕата эрдэ өлөн, ийэтигэр көмөлөһөн, быраатын балыстарын иитиһээри колхоз ыарахан үлэтигэр улахан дьону кытары сэрии, сут-кураан сылларын ыарахан үлэтин тэҥҥэ үллэстибитэ. Убайа Николай Кирикович, Чурапчы педучилищетыгар үөрэнэ сылдьан Аҕа дойду сэриитин фронугар ыҥырыллыбыта. “Катюша” гвардейскай минометнай расчетугар сулууспалаабыт, младшай командир званиелаах эбит. 1943 сыллаахха атырдьах ыйын 21 күнүгэр Харьковскай уобалас Русская Лозовая дэриэбинэ иһин кыргыһыыга хорсуннук охтубут уонна онно көмүллүбүт.
Афанасий колхозка таһаарыылаахтык үлэлээбит сылларын бэлиэтинэн «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн эдэр сааһыгар наҕараадаламмыта элбэҕи этэр.
Үөрэниэн баҕалаах эдэр уол 1946 сыллаахха Чурапччытааҕы педучилищеҕа 1-кы курска киирэр. Ити кэмҥэ училищеҕа военругунан фронтовик уордьаннаах офицер Михаил Георгиевич Беляев үлэлиирэ.
Бэйэтин кыанар, сүүрбүт-көппүт Афанасий сүүрүүгэ, хайыһарга, волейболга, илии-атах оонньууларыгар умсугуйан туран дьарыктаммыта. 1948 сыллаахха училище курстарын күрэхтэһиитигэр кыттыбыт көрүҥэр барытыгар бастаан, курсун бастакы миэстэҕэ таһаарбытын бииргэ үөрэммит табаарыһа Эдуард Алексеевич Кузьмин сөҕөн кэпсиирэ. Бу сыл республикаҕа киирэн уолаттарга 800 м бастакы, 1500 м рекорд олохтообута хас да сыл тупсарыллыбакка турбута.
1951 сыллаахха председателинэн ситиһиилээхтик үлэлии олорбут Иннокентий Харитонович Варламов доруобуйата мөлтөөн комсомол райкомун секретара Иван Петрович Васильев рекомендациятынан бастаан инструкторынан, онтон салгыы оройуон спорткомитетын салайарыгар итэҕэйбиттэрэ. А.К. Софронов үйэтин анаабыт спордугар Чурапчыны спортивнай дэппит, спорт араас көрүҥнэрэ салайарыгар дьулуурдаах, дьону умсугутар айымньылаах үлэтэ маннык саҕаламмыта.
Оройуон салалтатын, колхоз председателлэрин, тэрилтэ салайааччыларын, биирдиилээн спортсменнары кытары кэпсэтэн, итэҕэтэн, наадалааҕын дакаастаан, Саха сиригэр биир бастакынан «Колхозник» ДСО Чурапчы оройуонугар тэриллэрин ситиспитэ. Дэгиттэр спортсмен, дьону салайар талааннаах буолан, ити кэмтэн ыла Чурапчы спортсменнара Саха сирин араас күрэхтэһиилэригэр хамаанданан ситиһиилээхтик кыттыбытынан барбыттара.
1952 сыллаахха Саха сирин үбүлүөйдээх спартакиадатыгар хамаанда тэрийэн, бэйэтэ салайан, күрэхтэһиигэ кыттан Чурапчы спортсменнара республика улахан күрэхтэһиитигэр бастакы улахан сүрэхтэниилэрин ылбыттара. Манна Болтоҥоттон сылдьар 38 саастаах Прасковья Кривошапкина – Кытыгырас Боккуойа 800 м сүүрүүгэ нуучча кыргыттарын кэнниттэн төрдүс миэстэ буолбута. 10 км дистанцияҕа Петр Лукин (Хадаар) иккис миэстэ, велосипедка 50 км дистанцияҕат Болтоҥоттон Алексей Картузов бастакы миэстэни ыланнар, Чурапчыларыгар дьоһуннаах кыайыыны аҕалбыттара.
1953 сыллаахха «Колхозник» ДСО Майаҕа ыытыллыбыт күрэхтэһиитигэр Иван Оконешников, Егор Боякинов, Иван Дьячковскай кыттыыны ылбыттара. Ити сыл общество спартакиадатыгар хамаанданан эмиэ ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Врач Михаил Болтунов үрдүгү көтүүгэ, харбааһыҥҥа, үҥүү быраҕыытыгар чемпионнаабыта. Медик идэлээх Мария Мерзликина сүүрүүлэргэ призердаабыта. ЧПУ студеннара Иван Захаров 100 м төрдүс, Любовь Прокопьева (Попова) 110 м мэһэйдээх сүүрүүгэ рекорд олохтообута. Хапсаҕайга Виктор Смирников улуу бухатыыр Роман Петухов кэнниттэн бириистээх иккис миэстэни ылбыта.
Итини таба сыаналаан, оччотооҕу ресспорткомитет салайааччыта Николай Николаевич Тарскай быһаччы дьаһалынан, Афанасий Кириковиһы Москваҕа Ленин орденнаах И. В. Сталин аатынан физкультурнай институтка спортивнай салайааччылары бэлэмниир биир сыллаах үрдүкү курстарыгар үөрэттэрэ ыыппыта.
Саха сирин спордун эйгэтигэр Николай Николаевич Тарскайы кытта сэргэ үлэлээбит, норуот сүгүрүйүүтүн ылбыт, уос номоҕор киирбит салайааччынан А.К. Софронов буолар. Кинилэр иккиэн биир кэмҥэ республика спортивнай салалтатыгар үлэлээбиттэрэ.
Ол курдук, А.К. Софронов 1954 сыл муус устар ыйынааҕы республикатааҕы Сэбиэт отчуоттуур-быыбардыыр пленумунан “Колхозник” ДСО республикатааҕы Сэбиэтин брэссэдээтэлинэн быыбардаммыта. Салгыы бу общество уларытыллан «Урожай” спортивнай общество быһыытынан саҥаттан тэриллэригэр, 1956 сыллаахха олунньу 1 күннээҕи пленумҥа Республикатааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта. Онон биһиги, чурапчылар, республика спортивнай салалтатыгар үрдүк дуоһунаска, сирэй салайааччынан үлэлээбит бастакы киһибитинэн А.К. Софронов буолар диэн киэн тутта этиэхтээхпит!
Кини бу сылларга республикаҕа, чуолаан киин куоракка, оройуоннарга саҥа общество атаҕар турарыгар элбэх үлэни ыыппыта. Ол курдук, Россия киин куораттарыгар элбэх командировкаларга, сүбэ мунньахтарга сылдьара. Республика оройуоннарыгар “Урожай” ДСО сэбиэттэрэ тэриллиитин быһаччы салайбыта.
1955 сыллаахха РСФСР Тыатын сирин спортсменнарын спартакиадатыгар Краснодар куоракка Саха АССР хамаандатын салайан илдьэ сылдьыбыта. Бу спартакиадаҕа 47 уобалас, 9 республика, 4 край – 61 хамаандалара мустан күрэхтэспиттэрэ. Бу Саха сириттэн Россия таһымнаах күрэхтэһиигэ спорт араас көрүҥнэригэр биир бастакы кыттыы буолар.
Онон Афанасий Кирикович Софронов республикаҕа “Колхозник” спортивнай общество тиһэх бэрэссэдээтэлинэн, саҥа тэриллибит “Урожай” ДСО республикатааҕы Сэбиэтин бастакы бэрэссэдээтэлин быһыытынан Саха Республикатын спордун историятыгар киириэхтээх!
Кини үөрэнэр, куоракка үлэлиир кэмнэригэр оройуоммутугар спортивнай үлэ мөлтүү сылдьыбытын билигин сааһырбыт спорт ветераннара үчүгэйдик өйдүүллэр. Ону 1956 сыллаахха буолбут САССР норуоттарын бастакы спартакиадатыгар Чурапчы хамаандата 19-с миэстэҕэ тахсыбыта көрдөрбүтэ. Онон да буолуо уонна дьиэтээҕи усулуобуйатынан, 1957 сыллаахха атырдьах ыйыттан бэйэтэ көрдөһөн, оройуон спортивнай общественноһа туруорсан, төрөөбүт Чурапчытыгар төннөн саҥалыы, үрдүк тэтимнээхтик, далааһыннаахтык үлэтигэр ылсыбытынан барбыта. Бастатан туран, оскуола физруктарын, биирдиилээн энтузиаст спортсменнары, соҕурууттан кэлбит улуу нуучча уолаттарын, кыргыттарын түмэ тардан спорт араас көрүҥнэригэр спортивнай секциялары тэрийбитэ.
Билигин баар таҥара дьиэтиин спортзал оҥорорго райсовет уурааҕын таһаартарбыта. Онно төһө да кыараҕаһын иһин, баскетбол корзиналара, волейбол сеткалара ыйаммыттара, штанга помоһа баар буолбута. Күн аайы секциялар уочаратынан хойуукка диэри үлэлииллэрэ. Оскуолаҕа биир кылааска тустуу маата тэлгэттэрэн Д.П. Коркин үлэтин саҕалаабыта. Боксаҕа инженер Спартак Константинов, сибээс техниктэрэ Галина Источкина гимнастикаҕа, Владимир Источкин штангаҕа, агроном Егор Николаев фехтованииеҕа, ветврач Борис Тытыгынаев остуол тенниһигэр, зоотехник Марк Яковлев ат спордугар, инженер Борис Полынин волейболга, учууталлар Павел Харитонов хайыһарга, Поликарп Барахсанов чэпчэки атлетикаҕа, нуучча лаптатыгар ыччаттары салайан дьарыктаан барбыттара. Ити курдук саҕаламмыта, Чурапчыга, Саха сиригэр биир бастакынан киэҥ далааһыннаах спортивнай үлэ.
1958 сыллаахха Саха сирин норуоттарын иккис спартакиадатын спорт 17 көрүҥэр ыытарга Миниистирдэр Сэбиэттэрин уурааҕа тахсыбыта. Манна остуол тенниһэ, ытыы, велосипед, мохсуо, спортивнай хаамыы курдук саҥа көрүҥнэр киирбиттэрэ. Манан сибээстээн оройуоҥҥа бу улахан күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кыттарга аналлаах спортивнай актив, оройуон салалтата, тэрилтэ салайааччылара кыттыылаах улахан конференция ыытыллыбыта. Бу мунньаҕы оройуоннааҕы партия Райкомун бастакы секретара Степан Николаевич Ноговицын, райсовет председателэ Семен Александрович Иванов салайан ыыппыттара. Конференцияҕа дакылааты Афанасий Кирикович оҥорбута. Онно кини бары биир сүбэнэн үлэлииргэ, спортсменнар, салайааччылар биир санааҕа түмсэн оройуон хамаандата ситиһиилээхтик кыттарыгар кыаҕы үөскэтэргэ, тэрээһин үлэ былаанын туруорсубута. Спорт салайааччытын бу боччумнаах туруорсууларын, былааннарын өйөөн туһааннаах дьаһалларылыллан, үлэ күүскэ барбыта. Спартакиада иннинэ көрүҥнэринэн 20 хонуктаах сүүмэрдиир, эрчийэр сбор оҥоһуллубута.
Сыралаах үлэ үтүө түмүктэрдээх буолбута. Ол курдук, Чурапчы оройуонун хамаандата спорт 5 көрүҥэр бастакы миэстэни ылан, атын көрүҥнэргэ ситиһиилээхтик кыттан, иккис бириистээх миэстэҕэ тахсыбыта. Бу бастакы улахан ситиһии чемпионнарынан көҥүл тустууга Петр Николаев – Томмот, Максим Сибиряков буолбуттара, Василий Шадрин иккис, хапсаҕайга Петр Старостин чемпион, Михаил Сысолятин иккис, фехтованиеҕа Егор Николаев, рапираҕа Андрей Попов чемпион, боксаҕа Дмитрий Дьячковскай иккис, троеборьеҕа Клара Глушкова иккис, теннискэ Станислав Догордуров, Петр Оконешников, Любовь Попова (Барашкова), Клара Собакина (Оконешникова) бастакы, велосипедка Егор Кириллин иккис миэстэлэри ылаттаан, Чурапчы оройуонун Саха сирин спартакиадаларын историятыгар бастаан инники миэстэҕэ таһаарсыбыттара.
Көҥүл тустуу сайдыытыгар Афанасий Кирикович ураты болҕомтотун уурбута. Дмитрий Петрович Коркинныын биир өйүнэн-санаанан, эрдэттэн ырааҕы өтө көрөн үлэлээбиттэрэ. 1957 сыллаахха оройуон бастакы чемпионата 4 күн устата барбыта. Кыттааччылар төһө да техника, тактика ситэтэ суохтарын иһин, кинилэр тустар баҕаларын, норуот биһирэбилин ылбыттарын бу көрүҥ саха ыччатыгар кэскиллээҕин биирдэстэрэ салайааччы, иккиһэ тренер быһыытынан өтө көрбүттэрэ, саха тустуута республика тас да өттүгэр тахсан сөбүгэр эрэммиттэрэ. Ол иһин, Афанасий Кирикович быһаччы сүүрэн-көтөн республикаҕа 3 тустуу мата кэлбититтэн биири Чурапчыга таһаарбыттара. Ити сыл республика иккис чемпионатыгар Федор Винокуров, Максим Сибиряков, Виктор Кривошапкин тахсыылаахтык тустубуттара.
1958 сыллаахха Саха АССР сүүмэрдэммит хамаандатын эрчиллэр сборун Дмитрий Петровичтыын Чурапчыга ыытары ситиспиттэрэ. Салайааччынан Москваттан тренер, спорт маастара Анатолий Фролов, көмөлөһөөччү тренердэринэн Д.П. Коркин, Н.Н. Волков үлэлээбиттэрэ.
Мантан саҕаламмыта, улуу тренер Д.П. Коркин саха тустуутун Россия, ССРС, аан дойду таһымыгар, Олимпиада үктэлигэр таһаарбыт үлэтэ. Көҥүл тустуу оройуоҥҥа сайдыытын сүрүн кэрдиистэригэр сахалартан биир бастакынан хапсаҕайга спорт маастарын аатын Петр Старостин, көҥүл тустууга ССРС спордун маастарын аатын Чурапчылартан бастакынан Максим Сибиряков ситиспиттэрэ буолар.
1962 сыллаахха Николай Барашков оҕолорго Россия «Урожай» түмсүүтүн бастакы чемпиона, Станислав Романов иккис буолуулара инники саҕахтары арыйбыттара. 1964 сыллаахха Оренбург куоракка оҕолорго Бүтүн Россияҕа Николай Сивцев чемпион үрдүк аатын ылбыта.
Саха сирин тустуутун биир бастакы сүдү ситиһиитинэн 1965 сыллаахха Махачкала куоракка Вячеслав Карпов оҕолорго ССРС чемпионун үрдүк аатын ылыыта республика спордун историятыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллубута. Бу ситиһиилэри өссө чиҥэтэн бэйэбит Чурапчыбыт уолаттара: Алексей Ермолаев ыччаттарга, Прокопий Шестаков, Афанасий Матвеев, Семен, Иннокентий Морфуновтар, Семен Макаров, Павел Васильев оҕолорго Советскай Союз чемпионнара буолбуттара.
Соломо мааттартан, кыараҕас хоско дьарыктаммыт Чурапчы бастакы көлүөнэ тустууктара тэлбит суолларынан, Чурапчы томторуттан аҕыйах ахсааннаах саха норуотун чулуу уолаттара Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов Олимп үрдүкү чыпчаалыгар тахсыбыт өрөгөйдөөх ситиһиилэригэр А.К. Софронов үлэтин түмүгэ баар диэн киэн тутта этиэх кэриҥнээхпит.
Үгэскэ кубулуйбут Чурапчы – Таатта оройуоннарын үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ ыытыллыбыт күрэхтэһиилэрин тэрийбит, салайбыт, саҥа көрүҥнэр киирэллэрин ситиспит киһинэн Афанасий Кириковиһы ааттыыбыт.
Спорт араас көрүҥнэрэ тэҥҥэ сайдалларын сатаан ситиһэр, наадалаах дьону табан туруорар, салалтаны, биирдиилээн спортсменнары кытары ыллыктаахтык, ылыннарыылаахтык кэпсэтэр ураты дьоҕурун кинини кытары бииргэ алтыспыт көлүөнэтин дьоно ойуччу бэлиэтээн ахталлар, саныыллар.
Ити кэмнэргэ республика үгүс оройуоннарыгар сайда илик волейбол, остуол тенниһэ, лапта, мохсуо, велоспипед, хайыһар, чэпчэки атлетика, о.д.а. көрүҥнэр биһиги оройуоммутугар тэҥҥэ сайдыбыттара спорка сыһыаннаах дьону билигин да сөхтөрөр.
Ураты болҕомтону А.К. Софронов физруктар үлэлэригэр уурара. Кини кэмигэр үлэлээбит физкультура учууталлар А.Потапов, И.Ефремов, Г.Оконешников, Н.Куличкин, Ф.Анисимов, И.Попов, И.Захаров, Е.Дьячковскай, Д.Давыдов, П.Барахсанов, В.Жирков, Е.Феофанов, Е.Шарин, дьахталлартан 30-ча сыл үлэлээбит К.В. Макарова уо.д.а. Чурапчы спордун сайдыытыгар бэйэлэрин кырата суох кылааттарын киллэрбиттэрэ.
Бар дьон ытыктабылын, убаастабылын ылбыт бастыҥ тэрийээччи үлэтин сүрүн көрдөрүүлэринэн Чурапчы оройуонун хамаандата Саха АССР норуоттарын, Манчаары Баһылай спартакиадаларыгар ылбыт миэстэлэрэ чуолкайдык көрдөрөллөр. Ол курдук, 1958 сыллаахха иккис, 1960, 1962, 1966 сылларга бастакы, 1967 с. иккис, 1968 с. үһүс, 1970, 1971 сс. бастакы миэстэ буолуталаабыттара. Бу республика спортивнай статистикатын историятыгар атын оройуоннарга ситиһиллибэтэх көрдөрүү. Ити кыайыылары ситиһэргэ эдэр-эмэн сааскытын анаабыт, көмүс көлөһүҥҥүтүн тохпут, убаастыыр салайааччыгытыгар бөҕө тирэх буолбут, Чурапчыбыт аатын чиэстээхтик ааттаппыт ытык-мааны дьоммутугар, спорт ветераннарыгар эһиэхэ нөрүөн-нөргүй буолуохтун!
Афанасий Кирикович Софронов хаһан баҕарар спортсменнар интириэстэрин, оройуонун чиэһин өрө тутан кэлбитэ. Республикаҕа суох спорт инвентардарын Москванан, араас куораттарынан сылдьан үксүн бэйэтэ булан-талан аҕалара. Ол иһин Чурапчы спортсменнара хайа да күрэхтэһиигэ оччотооҕу кэмҥэ толору эппиэттиир спортивнай снарядтарынан, интвентарынан хааччыллаллара. Күрэхтэһэр, параднай форманан мэлдьи бастыҥнар буолар этилэр.
1961 сыллаахха кини кэпсэтиитинэн райсовет аппараатын үлэһиттэрин, спортсменнар күүстэринэн спортивнай саала тутуутугар мас кэттэрбиттэрэ. 1964 сыллаахха комсомол райкомун секретара Иван Семенович Кузьмин уонна Афанасий Кирикович көҕүлээһиннэринэн Кыһыл Знамялаах, оркестрдаах акылаат түһэриитэ буолбута. Спортзал тутуутун субуотунньугунан, кэлин А.Собакин биригээдэтинэн үлэлээн, 1969 сыллаахха үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Бу оччотооҕуга Саха сиригэр чугаһынан суох спортивнай зал буолбута.
Бүгүн биһиги ол кэмнэрдээҕи оройуоммут комсомол, райком, райсовет салайааччыларыгар А.К. Софронов үлэтин өйөөбүттэригэр, күүс-көмө буолбуттарыгар барҕа махтал тылларын этиэх тустаахпыт. С.Н. Ноговицын, И.П. Листиков, С.А. Иванов, С.Г. Охлопков, Р.Р. Бурнашев, М.Е. Пермяков, И.П. Васильев, А.С. Шадрин, Э.И. Монастырев, Н.М. Кладкин, Г.Д.Ефимов, Г.Г. Кардашевскай, о.д.а. Афанасий Кирикович үлэтэ кэскиллээх буолуутугар бигэ акылааты уурсубуттара, оройуон тэрилтэлэрин, республика салалтатын кытары былааннаах үлэни тэрийиттэрэ.
Эдэр сааһыттан арахпат ыарыыга ылларан, уустук операциялары ааһан, төһө да мөлтөөн сырыттар, Афанасий Кирикович олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Чурапчы спордун сайдыытын, кини кэскилин туһугар үлэлээн кэлбитэ.
1971 сыллаахха Манчаары бирииһигэр ыытыллар спартакиадаҕа кыттар оройуон сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмнэниитин тэрийбитэ. Бу дьонун-сэргэтин кытары бүтэһик күрэхтэһиитэ буоларын иһигэр төһө да билэ сырыттар, күүстээх санаатынан, тулуурунан санаатын булгуруппатаҕа. Күрэхтэһиигэ спортсменнары кытары тэҥҥэ сылдьан, ыйан-кэрдэн салайсыбыта. Күрэхтэһии үөрүүлээх сабыллыытыгар кыайыылаах Чурапчы хамаандатыгар бастакы миэстэ иһин кубогы туттаралларыгар доҕотторо Афанасий Кирикович тахсарыгар көрдөспүттэрэ. Өр сылларга бииргэ Чурапчыларын чиэһин көмүскээбит доҕотторун, Спартакиада чемпионнарын – сүүрүүк Иван Захаровы, тустуук Сидор Попову арыаллатан, А.К. Софронов төрөөбүт Чурапчытыгар бүтэһик спортивнай кубогын туппута. Бу дьыл күһүнүгэр, балаҕан ыйын 19 күнүгэр олохтон туораабыта.
А.К. Софронов үлэлээбит үлэтэ оройуонугар, рсепубликаҕа спорт сайдыытыгар киллэрбит сүҥкэн кылаата, үйэлэргэ ааттана туруоҕа. Ол да иһин буолуо, кини олохтообут ыра санаалара олоххо киирэр. Эдэр спортсменнарбыт республика, Россия, Аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ оройуоннарын спортивнай аатын ааттата тураллар.
Кини үлэтин салҕаан Российскай Федерация физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһиттэрэ: К.С. Постников, М.Д. Гуляев, Саха Республикатын физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһиттэрэ: Е.В. Пудов, В.П. Карпов, М.Е. Друзьянов, И.И. Готовцев, Н.Н. Гуляев, Е.Д. Аржаков, үтүөлээх тренердэр: П.М. Стасов, С.И. Жирков, И.Н. Попов, И.Е. Захаров, М.Е. Захаров, Р.В. Неустроев, К.Н. Захаров, Г.Ф. Нохтунскай, И.М. Сысолятин, Республика үтүөлээх учууталлара: П.Е. Барахсанов, В.М. Неустроев, Н.Н. Адамов, В.Н. Кривошапкин, А.А. Сергеев, А.А. Макаров ааттара тахса тураллар. Чурапчыга тыа сиригэр бастакынан үрдүк физкультурнай үөрэх кыһата баар буолуута, бу эмиэ биһиги улууспутугар спорт күүскэ сайдыытын кэрэһитэ, инникигэ эрэлэ буоларыгар саарбахтаабаппыт.
Чурапчы дьоно-сэргэтэ Афанасий Кирикович үтүө аатын умнубаттар. Ол курдук, 2008 сыллаахха, 80 сааһын туоларыгар ахтыы киэһээтэ, спортивнай күрэхтэһии тэриллибиттэрэ.
2013 сыллаахха 85 сааһыгар кини аатын сүгэр спортивнай заалыгар мемориальнай дуоска сааллыбыта.
А.К. Софронов 90 сааһын туолуутун улуус спортивнай общественноһа, спорт ветераннара, улуус салалтата киэҥ тэрээһиннээхтик бэлиэтээбиттэрэ. Ол курдук, баһылык А.Т. Ноговицын дьаһалынан улууска тэрийэр комиссия талыллыбыта, улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Я.П. Оконешников бу дьаһаллары быһаччы салайбыта. Кини кэпсэтиитинэн, Кытайга А.К. Софронов бронзовай бюһа сакаастаммыта. Тохсунньу 24 күнүгэр “Боотур Уус” стадион иннигэр ыҥырыылаах ыалдьыттар, спорт ветераннара, улуус салалтата кыттыылаах А.К. Софронов бюһун аһыы сиэрэ-туома ыытыллыбыта. Салгыы Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтугар көрсүһүү, дьаһалта актовай залыгар А.К. Софроновка аналлаах конференция, ахтыы киэһээтэ буолбуттара.
Бу ыытыллыбыт дьаһалларга Афанасий Кирикович төрөппүт кыыһа Лена Афанасьевна, сиэннэрэ, аймахтара тэҥҥэ сылдьыһан, көмөлөһөн барбыттара үтүө өйдөбүлү хаалларбыттара. Сиэн балта, оччолорго Ил Түмэн пресс-киинин эппиэттээх үлэһитэ Ньургуйаана Ивановна Илларионова, аймаҕа Евдокия Егоровна Окорокова “Саха киэн туттар дьоно” диэн республикатааҕы сериянан А.К. Софроновка аналлаах кинигэ бэчээттэтэн таһаартарбыттара.
Быйылгы, республикаҕа физкультурнай-спортивнай хамсааһын 100 сылын чэрчитинэн Афанасий Кирикович 95 сааһын Чурапчы дьоно-сэргэтэ, үтүө санаанан салайтаран үрдүк тэрээһиннээхтик бэлиэтиир. Ол курдук, бу мунньах кэнниттэн А.К. Софроновка аналлаах бастакынан Профсоюзтар күрэхтэһиилэрэ тохсунньу 28 күнүгэр Одьулууҥҥа былааннанар. Итини сэргэ сыл устата ыытыллар спортивнай дьаһаллар Афанасий Кирикович Софронов 95 сааһыгар ананан ыытыллыахтара.
Виктор ДЬЯКОНОВ, РФ Физкультураҕа уонна спорка туйгуна, 1992-1994 сс. Чурапчытааҕы «Урожай» ФСО бэрэссэдээтэлэ.