Интервью

Петр Юмшанов: «Саҥа дуоһунаска саҥа, сонун киллэриилэрим»

Красноярскайга, икки төгүллээх олимпийскай чемпион Иван Ярыгин кэриэһигэр спортивнай тустууга “Иван Ярыгин Кубога” күрэхтэһии өрүү буоларыныы бэрт үчүгэй тэрээһиннээхтик ыытыллан түмүктэннэ. Күрэхтэһиигэ дьахталлар уонна эр дьон тустууларыгар 12 дойдуттан 400-чэкэ спортсмен мустан күөн көрүстэ.

Түһүлгэ састааба таһымнаах буоларыгар биһиги биир дойдулаахпыт, Россия спортивнай тустууга федерациятын көҥүл тустууга отделын начальнига, спорт үтүөлээх маастара, Ил Түмэн депутата Петр Юмшанов үлэлэстэ. Кинини көрсөн, аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм.

-Петр Петрович, Россия спортивнай тустууга федерациятын бу күрэхтэһии тэрээһинигэр эппиэттээх киһи санааларгын истиэхпин баҕарабын.

-Быйыл, маннык уустук кэмҥэ Ярыгин кубогар 12 дойдуну ыҥырдыбыт. Ыҥырыллыбыттартан Марокко, өссө икки хамаанда кэлбэтилэр. Онон дьиҥэ 15 хамаанда буолуохтаах этэ. Ону календарь мэһэйдээтэ. Холобур, Казахстаҥҥа – Казахстан норуоттарын спартакиадата уонна Кыргызстаҥҥа бэйэлэрин чемпионаттара буолан, кэлбэтилэр. Быйыл Азия оонньуулара буоларынан, кинилэргэ билигин хамаанда састаабын сүүмэрдээһиҥҥэ сүрүн болҕомтону уураннар, сатаан кэлбэппит, бырастыы гыныҥ диэбиттэрэ. Оттон Европа дойдуларыттан биһиэхэ Греция, Сербия, Молдова, Турция, Армения, Азербайджан тустууктара кэллилэр.

-Билигин кырдьык, аан дойду үрдүнэн наһаа уустук кэм буола турар. Хамаандалары ыҥырыыга, Россияҕа тас дойдулар спортсменнара кэлэн кытталларыгар хааччахтар бааллар дииллэр…

-Хааччахтар бааллар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэри Россияҕа ыытыыны тустаах министиэристибэлэрэ үбүлээбэттэр. Ол иһин, кэлэр да буоллахтарына, ороскуоттарын бэйэлэрэ уйунан кэлэллэр.

Быйылгы Иван Ярыгин Кубогын Россия спортивнай тустууга федерацията буолбакка, Иван Ярыгин аатынан фондата, попечительскэй сэбиэтэ Наталья Ярыгина уонна биһиги отдела тэрийэн ыыттыбыт. Холобур, хамаандалар кэлиилэригэр барытыгар биһиги үлэлэстибит. Дойдулар тустууга федерацияларын президеннэрин, кылаабынай тренердэрин кытта син уһуннук кэпсэтэн, кинилэр кэлиилэрин ситистибит. Тустуу Аан дойдутааҕы түмсүүтүн (UWW) салайааччы Ненад Лаловиһы кытта күннэтэ сибээстэһэ олоробут. Ити дьиҥэ, билиҥҥи кэмҥэ наһаа чэпчэкитэ суох үлэ.

Манна сыһыары тутан эттэххэ, Дьокуускайга ыытыллыбыт Роман Дмитриев уонна Дмитрий Коркин кэриэстэригэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга тас дойду хамаандаларын ыҥыран кытыннарыыга эмиэ элбэх үлэни ыыппыппыт. Ол түмүгэр күрэхтэһиилэр син күүстээх састааптаах ыытыллыбыттара.

Оннук. Былырыыҥҥы сылга эһиги эмиэ күүстээх үлэни ыыппыккытын кылгастык ахтан аһарыахха эрэ. Тэрийээччилэр эйиэхэ тус бэйэҕэр махталларын хаста да иһиттим. Кырдьык, Россия тустуутун салалтатыгар айымньылаахтык үлэлии сылдьар биир дойдулаахпытыттан астынабыт. Холобура, ити Александр Крылов кэриэһигэр Бүтүн Россиятааҕы турнир да буоллун, үөһэ ахтыллыбыт турнирдар да буоллуннар...

-Россия спортивнай тустууга федерациятыгар көҥүл тустууга штаб начальнигынан үлэлээбитим номнуо биир сыл буолла. Ол иннинэ федерацияҕа отдел начальнига, сүрүн специалист, старшай тренер этим. Токио Олимпиадатыгар хамаанданы бэлэмнэспитим. Былырыын аҥардас федерация иһинэн көҥүл тустуу отдела соҕотоҕун Россия спорка министиэристибэтинэн уураах ылан, 4 норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиини тэрийэн, бэлэмнээн ыыттыбыт. Ол – Коркин, Нефтеюганскай уонна икки турнир Дагестаҥҥа.

Саҥа үүммүт сылга ону чиҥэтэммин хас биирдии саастарынан бөлөххө биирдии норуоттар икки ардыларынааҕы турниры оҥоруохпут. Ити курдук, дойду иһинээҕи күрэхтэһиилэр ыытыллар календарьдарын барытын чөлүгэр түһэрдибит. Тустууга салайааччыларын кытта кэпсэтэн, бириискэ фондатын быһаарсан…

Бу, Ярыгин кубогын кэмигэр Калининград уонна Бурятия спорка салалталарын кытта дьыалабыай көрсүһүүлэр буоллулар. Холобура, муус устарга уонна атырдьах ыйыгар Улан-Удэҕэ – Бурятия баһылыгын уонна Борис Будаев бириистэригэр норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдары бэлэмнээн, тэрийэн ыытыы туһунан быһа сибээһинэн тахсан кэпсэттибит, быһаарыстыбыт.

Саҥа дуоһунаска ананаат, мин саҥа, сонун киллэриим диэн, күрэхтэһии кыыстаах уонна уоллаах ыытыллыыта буолар. Холобур, быйыл Роман Дмитриев уонна Борис Будаев турнирдарын оннук ыытарга былаанныыбыт. Улахан дьоҥҥо Россия чемпионатыгар билиҥҥитэ кандидатуранан Махачкала куората турар. Онно эмиэ, эр дьон уонна дьахталлар күрэхтэһиилэрэ бииргэ буолуохтаах.

Көҥүл тустуу күрэхтэһиилэрин уонна эрчиллэр-үөрэтэр түмсүүлэрин Россиятааҕы календара барыта быһаарыллан турар. Аны, саастарын аччатан сымыйа докумуонунан кыттыыны (подделка) утары үлэҕэ болҕомто ууран бэрээдэктии сылдьабыт. Уруккунан олорумуохха наада. Билиҥҥи кэм саҥа ирдэбили көрдүүр. Итинник тустуу сайдыытыгар саҥа систиэмэни киллэриибэр миэхэ Россия спортивнай тустууга президенэ Михаил Мамиашвили, Георгий Брюсов күүс-көмө, өйөбул буолаллар. Сүрүн болҕомтону оҕо спордугар ууруохтаахпыт. Оҕолор – биһиги инники кэскилбит буоллахтара дии.

Биир сүрүн сорукпутунан, судьуйалары кытта үлэ буолар. Семинардары тэрийэн ыытыы, судьуйалар таһымнарын улаатыннарыы… Манна сыһыары тутан эттэххэ, судьуйалар семинардарын былырыын күһүн Дьокуускайга ыыппыппыт, аны кулун тутарга буолуоҕа. Бу, Ярыгин кубогар Саха сириттэн үс судьуйа үлэлээтэ: Николай Николаев, Александр Кузьмин, Вячеслав Кривошапкин. Бу эмиэ биир ситиһии диэххэ наада. Отучча судьуйаттан – үһэ сахалар.

Красноярскайдааҕы турнир тэрээһинэ үчүгэй, састааба да билиҥҥи кэмҥэ тэҥнээтэххэ күүстээх соҕус. Эн өссө “Албан” кулууптан саҕалаан эн хайдах курдук күрэхтэһии тэрээһинигэр, систиэмэтигэр айымньылаахтык ылсан үлэлээбиккин биһиги билэбит уонна сыаналыыбыт. Республикаҕа хапсаҕай федерациятын хайдах курдук Алексей Мостаховтыын тэрийбиккитин, систиэмэлээбиккитин умнубаппыт. Билигин Россия тустуутун салалтатыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаргын көрөр сүрдээх астык уонна киэҥ туттуулаах.

Бүтэһиккэ, Ярыгин кубогар сахалар кыттыыларын туһунан бэйэҥ санааҕын билиэхпин баҕарабын.

-Ылан көрдөххө биһиги республикабыт хамаандата үс боруонса уонна биир бэһис миэстэни ылла. Кыргыттарбыт үчүгэйдик туһуннулар. Уолаттары этэр буоллахха, үс бастакы ыйааһыҥҥа биһиги улаханнык хаалан иһэбит. Онтон 70 киилэҕэ Виктор Рассадин, Станислав Свинобоев, Константин Капрынов курдук лидердэрдээх буоламмыт, уолаттар бэйэлэрин кытта конкуренциялаһан, результат баар. Орто уонна ыарахан ыйааһыннарга улахан болҕомтону ууруохха наада. Ити барыта маассабастан уопсай үлэ тэрээһиниттэн тахсар.

Эрчиллии процеһыгар кыра сыыһалар-халтылар бааллар. Ол иһин кыра ыйааһыннарбытыгар куоттарыы баар. Холобур, дьарык систиэмэтигэр, методикатыгар… Тренердэр элбэхтик семинарга сылдьыахтаахтар, бэйэлэрин таһымнарын үрдэтиэхтээхтэр. Оттон спортсменнар үчүгэй, күүстээх састааптаах сбордары көтүтүө суохтаахтар. Холобур, Дагестаҥҥа, Осетияҕа.

Билигин тустууга сүрүн болҕомтону оҕолорго ууруохтаахпыт. Ону ситиспэтэхпитинэ хаалыыбыт арда атан иһиэ.

-Петр Петрович, кыргыттарбыт бу күрэхтэһиигэ кырдьык үчүгэйдик кытыннылар…

-Хомойуох иһин, Саха сиригэр кыргыттар тустууларыгар маассабас суох. Аҕыйахтар. Саҥа дьыл өрөбүллэригэр дойдубар тиийэ сылдьан тренердэр көрдөһүүлэринэн саалаҕа сылдьыбытым. Анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүү буола турара. Эмиэ ити кэмҥэ уолаттар бэлэмнэниилэрэ буолбута. Онно иккиэннэригэр сылдьан дьарык ыыппытым. Эдэр спортсменнарга бэйэм сүбэбин-амабын биэрбитим.

Кыргыттар тустуулара наада, олимпийскай көрүҥ. Атыттар дьарыктанар буоллахтарына, тоҕо биһиги хааччахтыахтаахпытый? Ону өйөөммүт биһиги Роман Михайлович турнирын балаһыанньатыгар кыргыттар тустууларын эмиэ киллэрдибит. Намҥа, үөрэммит оскуолабар саала арыйан эрэбин, онно оҕолор, кыргыттар тустуунан дьарыктаныахтара. Тыыппалаахтар салгыы эрчиллиэхтэрэ, атыттар чэгиэн-чэбдик буола улаатыахтара.

-Петр Петрович, ыйытыыларга сиһилии хоруйдарын иһин улахан махтал! Тустуубут сайдыытын тула маннык кэпсэтиини өссө да ыытыахпыт. Эн үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт! Бэйэбит биир дойдулаахпыт маннык улахан таһымнаахтык үлэлии-хамсыы сылдьарыттан астынабыт.          

Кэпсэттэ Петр ПАВЛОВ.

Красноярскай, Иван Ярыгин аатынан Спорт дыбарыаһа.   

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242600
Бүгүн : 791