Көрдүгэнниин сэһэргэһии
Биллиилээх суруналыыс, спортивнай комментатор Александр Васильевич Васильевы – Көрдүгэни уруккуттан билэбин. Кини мин “Саха сирин джунглита” диэн айылҕа дьиктилэрэ бэлиэтээһиннэрбин аан бастакынын эрэдээксийэлээн оҕо хаһыатыгар “Кэскилгэ” таһааттарбыта. Онон кинилиин бу күһүн Алексей Диодоров турнирыгар көрсөн кэпсэтиим үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааспыта.
-Александр Васильевич, Алексей Диодоров туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?
-Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр Алексей Диодоров уонна да атын биһиги спортсменнарбыт 48 уонна 52 киилэҕэ Роман Дмитриевка уонна Александр Ивановка спарринг-тустааччылар быһыытынан үлэлээбиттэрэ. Алексей Диодоров бэйэтэ Сэбиэскэй Сойуус чемпионатыгар иккис миэстэни ылбыта, ССРС Спартакиадатыгар Туркменияттан үһүс буолбута, Аан дойду аччыгый чемпионатыгар – Тбилиситээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга иккитэ үһүстээбитэ. Ону таһынан Дан Колов бирииһигэр Болгарияҕа чемпионнаан, международныгин толорбута, ону кэлин Югославияҕа турнирга бастакы миэстэни ылан бигэргэппитэ. 1976 сыллаахха Чурапчы оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан (икки эрэ сыл үөрэммитэ) республикаҕа киирэн, 48 киилэҕэ табаарыһа Иннокентий Зыряновтыын улахан дьоҥҥо чемпионнаабыттара. Онтон иккиэн тутуспутунан ЦСКА-ҕа сулууспалааннар, улахан таһымҥа тахсыбыттара.
-Кинини төһө бэркэ билэр киһиҥ этэй?
-Алексейы үчүгэйдик билэр киһим этэ. Бэйэтэ хоту дойду киһитин быһыытынан ыһыахтаммат, бэйэтин туһунан кэпсэммэт, хаһан баҕарар холку, үчүгэй баҕайытык оргууйдук өрүкүйбэккэ хаама сылдьар буолара. Онон олох хоту дойду киһитэ. Оччотооҕуга 48, 52 киилэҕэ барыта хоту дойду уолаттара, ити Эдьигээнтэн бырааттыы Роман, Гавриил, Семен Дмитриевтэр, Өлөөнтөн бырааттыы Григорий, Петр Христофоровтар, Үөһээ Дьааҥыттан Михаил Ноговицын, Баһылай Чириков, бары международниктар. Уонна Алексей Диодоров Уус-Маайа буоллаҕа. Онон бу чахчы айылҕа оҕолоро, бу икки кыра ыйааһыҥҥа Сойууска тиийэн, инники күөҥҥэ сылдьыбыттара.
Алексей көрдөрүүлэрэ даҕаны олус үчүгэйдэр: Сойууска икки төгүл 5-с, биирдэ Спартакиадаҕа 3-с, Сойууска 3-с уонна Вооруженкаҕа, ССРС Кубогар эҥин олох үчүгэйдик тустаталаабыт киһи.
-Спорду хаһааҥҥыттан сырдатаҕын?
-Бэйэм 1985 сылтан спорду сырдатабын. Ити сыл Бүлүүгэ ыытыллыбыт “Манчаары” Спартакиадатыттан. Идэбинэн култуура үлэһитэбин, кэлин спорка хоббим курдук сыстан дьарыктанабын.
-Уус-Маайаҕа хаһыс кэлиигиний?
-Уус Маайаҕа аан бастаан кэллим. Алексей Диодоров турнирын ыытыспыт дьоҥҥо улахан махтал. Бу быйыл кини үбүлүөйдээх сыла – 65 сааһа. Инньэ гынан, бу турнирга 62 оҕо кэлэн тустара үчүгэй. Үөрэх сыла саҕаланан, элбэх оҕо кэлбэккэ хаалла эрээри, билиҥҥи былдьаһыктаах кэмҥэ итиччэ элбэх киһи кэлбитэ үчүгэй. Бочуоттаах ыалдьыттара даҕаны олох үчүгэйдэр, ааттаах-суоллаах дьоннор: Баһылай Николаевич Гоголев олох бииргэ Чурапчыга үөрэммит, эрчиллибит, тустубут киһитэ уонна ити Егор Дмитриевич Аржаков диэн, биир кылааска үөрэммит табаарыһа, Советскай Союз спордун маастара, Саха Республикатын Физическэй култууратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, бииргэ хайдах үөрэммиттэрин, күрэхтэһиигэ кыттыбыттарын туһунан кини кэпсиэн сөп.
-Быйыл ханнык күрэхтэһиилэргэ сырыттыҥ?
-Мин быйыл, 2022 сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар элбэх турнирга сырыттым: Үөһээ Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕын, Уус Алдаҥҥа Саха сирин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга күрэхтэһиилэрин комментатор-судьуйа быһыытынан ыытыстым, республикаҕа оҕолорго көҥүл тустуу уонна хапсаҕай чемпионаттарын ыыталаабытым. Онтон аны Владивостокка баран, “Азия оҕолорун” норуоттар икки ардыларынааҕы VII спортивнай оонньууларын хапсаҕай түһүлгэтин кэпсээммин, алта ыйааһыҥҥа – биэс кыһыл көмүс мэтээли, биир боруонсаны ылан, Саха сирин хамаандата 8-с миэстэттэн арыый инники сыҕарыйыытыгар олук буоллум. Уон икки ыйааһынтан – биэс кыһыл көмүһү хапсаҕайдьыттар ыллахтара дии.
-Александр Васильевич, айар үлэҕэр билигин тугу үлэлиигин?
-Мин хайысхам, көҥүл тустууну уонна хапсаҕайы сэргэхситии. Хапсаҕайдьыттар урут ыһыахха уонна биирдэ эмэ турнирга тахсан чаҕылхай кыайыылары көрдөрөн баран сүтэн хаалар буолаллара. Олору ааттатаары “Манчаары хапсаҕайа”, “Саха сирин хапсаҕайдьыттара” уонна турнирдар кыайыылаахтарын тустарынан барыта уонтан тахса кинигэни суруйан бэлэмнээбитим. Хапсаҕайдьыттар ааттарын үйэтиттим диибин. “Көҥүл тустууга Арассыыйа призердара”диэн кинигэни уонна ити Николай Босиков, Ахмед Дмитриев тустуу туһунан суруйууларыгар редактор быһыытынан үлэлэспитим. Ити эппитим курдук, бэйэм үлэм таһынан хоббим.
-Хаһыакка төһө өр үлэлээбиккиний?
-Бэйэм 42 сыл устата оҕону иитиигэ, “Бэлэм буол”, “Кэскил” хаһыакка үлэлээбитим, редактор Нина Иннокентьевна Протопоповаҕа. Билигин биэнсийэҕэ тахсан, бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Биэс уол сиэннээхпин, биир кыыс хос сиэннээхпин. Инньэ гынан, Баһылайаптар ааттарын ааттатар дьоннордоохпун. Билигин даҕаны былаан элбэх. Тааттаҕа ыытыллыахтаах Манчаары Спартакиадатыгар сылдьан, “Манчаары хапсаҕайын” өссө сырдатан, өссө кэҥэтэн, хаартыскалаан таһааттарбыт киһи диэн баҕалаахпын. Уонна 1985 сылтан хапсаҕайга республиканскай турнирдартан ураты араас дьоннор бириистэригэр араас таһымнаах күрэхтэһиилэри барытын сааһылаан, бастакы, иккис, үһүс миэстэни ылбыт дьону барыларын ааттаталаан, мунньан таһаартаран, кэннибэр бэлиэ хааллардарбын диэн баҕа санаалаахпын. Биһиги өлөн хааллахпытына, ол дьоннор таах хаалан хаалыахтара диэн.
-Уус-Маайаны кытта мантан ураты туох сибээстээххиний?
-Уонна Уус-Маайаны кытта сибээһим диэн, 1972 сыллаахха Элгээйи орто оскуолатын бүтэрбитим, быйыл 50 сыл буолла. Онно 9-10-с кылааска Уус-Маайаттан төрүттээх Атласова Тамара Николаевна, кэргэнинэн Семенова диэн, Ленинград куоракка А.И. Герцен аатынан педагогическай институт математикаҕа факультетын бүтэрбит үтүөкэннээх учуутал математикаҕа үөрэппитэ. Инньэ гынан, оскуоланы бүтэрбиппит 50 сылыгар Тамара Николаевнаны, кини кэргэнин Николай Макарович Семеновы эҕэрдэлээбиппит. Билигин 80-тан тахсалаахтар. Мин олохпор, мин үөрэхтээх үлэһит буоларбар Тамара Николаевна олук уурбута дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, мин точнай наукаҕа быстар мөлтөх этим. Ону Тамара Николаевна уонна Николай Макарович билэн баран, тибэн кэбиспэккэ, толору аттестат ыларбар көмөлөһөн, бэйэбэр сөптөөх үөрэҕи бүтэрэн, үлэһит буоллаҕым дии. Онон Элгээйигэ олорор аҕыс уонуттан тахса саастаах Тамара Николаевнаҕа махталым улахан.
-Александр Васильевич, түмүккэ үлэҥ ситиһиилэриттэн билиһиннэр эрэ.
-Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэбин, Сунтаар улууһун, Дьааҥы Арыылааҕын, Кэбээйи Мукучутун, Сунтаар Күндэйэтин бочуоттаах гражданинабын. Аны Саха сирин үөрэҕириитин, бэчээтин, култууратын, эдэр ыччат политикатын, физическэй култууратын уонна спорду туйгунабын. Спорду сырдатарым иһин бу сахалартан бастакынан, аатырбыт комментатор Николай Озеров мэтээлинэн наҕараадаламмытым. Арассыыйаттан. Инньэ гынан саамай улахан ситиһиилэрим ол.
Кэпсэттэ Евсей ЛУГИНОВ, “Усть-Майский вестник” хаһыат кылаабынай редактора.
Уус-Маайа, 2022 с.