Иван Ярыгин-2023: Бүгүҥҥү финалларга кимнээх көрсүөхтэрэй?
Красноярскай. Манна «Иван Ярыгин кубога» күрэхтэһии үһүс күнэ. Бүгүн, тохсунньу 28 күнүгэр киэһэ эр дьоҥҥо көҥүл тустууга эмиэ үс ыйааһыҥҥа кыайыылаахтар уонна иккис-үһүс миэстэлээхтэр быһаарыллыахтара.
Финалга көрсүөхтэрэ:
65 кг Гаджимурад Рашидов (Дагестан) – Шамиль Мамедов (Москва)
79 кг Гаджимурад Алиахмаев (Брянскай) – Ахмед Усманов (Дагестан)
125 кг Денис Хроменков (Беларусь) – Остап Пасенок (Кемерово).
Боруонса мэтээл иһин тустуохтара:
65 кг Ибрагим Ибрагимов (Дагестан) – Рамазан Ферзалиев (Дагестан)
65 кг Даниил Харчилава (Калининград) – Рамазан Багавудинов (Дагестан).
79 кг Халид Яхиев (Чечня) – Радик Валиев (Хотугу Осетия)
79 кг Азрет Улимбашев (Красноярскай) – Никита Сучков (Красноярскай).
125 кг Мустафа Тагани (Иран) – Казбек Хубулов (Хотугу Осетия)
125 кг Амир Реза Амири (Иран) – Эрик Джиоев (Красноярскай).
Быһаарыылаах хапсыһыылар Дьокуускай бириэмэтинэн 20:00 чааска саҕаланыахтара.
«Дьулурҕан».