Вячеслав Горбатов кэриэһигэр тустуу
Ахсынньы 23-24 күннэригэр «Ньурба улууһа (оройуона)» Муниципальнай оройуон дьаһалтата, улуус успуордун управлениета уонна Ньурбатааҕы оҕо успуордун оскуолата көҕүлээннэр, «Олимп» успуорт саалыгар, көҥул тустууга Сэбиэскэй Сойуус успуордун маастара, Арассыыйа үөрэҕэриитин туйгуна, “СӨ физическэй култуура уонна успуорт сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Ньурбатааҕы оҕо успуордун оскуолатын өр сылларга ситиһиилээхтик салайбыт Вячеслав Иванович Горбатов кэриэһигэр оҕолор көҥүл тустууга күөн көрүстүлэр.
Бу күрэхтэһии түһүлгэтигэр ыаллыы сытар улуустартан Үөһээ Бүлүүттэн уонна Сунтаартан кэскиллээх бөҕөстөр кэлэн кыттыыны ыллылар. Ньурба улууһун дьаһалтата, улуус успуордун управлениета уонна Ньурбатааҕы оҕо успуордун оскуолата туруорбут матассыыкыл бирииһин 75-тэн үөһэ киилэҕэ абсолютнайга чемпионнаабыт Адам Николаев – Хорула хоһууна ылла. Онтон Вячеслав Иванович Горбатов тустубут ыйааһыныгар 52 киилэҕэ дьонноро туруорбут матассыыкылларын эрэллээхтик кыайан, Роман Кириллин Сунтаарга илдьэ барда.
В.И. Горбатов курдук чаҕылхай салайааччы, спортсмен сырдык аатыгар мустубут бары тустууну таптааччыларга, тэрийээччилэргэ махтал буоллун. Чулуу киһи олоҕо, үлэтэ-хамнаһа үүнэр көлүөнэҕэ үйэттэн үйэҕэ холобур буолуохтун!
Ыйааһыннарынан түмүк маннык буолла:
52 кг 2006-2007 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Кириллин Роман – Сунтаар, 2 м Осипов Михаил – Хорула, 3 м Игнатьев Денис – Сунтаар, 3 м Румянцев Эрхан – Ньурба.
57 кг 2006-2007 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Абросьев Григорий – Сунтаар, 2 м Иванов Виктор – Сунтаар, 3 м Иванов Андрей – Сунтаар.
62 кг 2006-2007 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Ноговицын Влад – Сунтаар, 2 м Контогоров Айастаан – Сунтаар, 3 м Никифоров Михаил – Хаҥалас.
68 кг 2006-2007 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Иванов Анатолий – Сунтаар, 2 м Кычкин Игорь – Марха, 3 м Захаров Радомир – Кундээдэ.
80 кг 2006-2007 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Николаев Адам – Хорула, 2 м Жирков Алихан – Сунтаар.
80-тан үөһээ кг 2006-2007 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Иванов Степан – Хорула.
35 кг 2008-2009-2010 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Иванов Кеша – Хорула, 2 м Антонов Эльдар – Ньурба, 3 м Васильев Аман – Ньурба.
40 кг 2008-2009-2010 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Жданов Александр – Хаҥалас, 2 м Тимофеев Вадим – Сунтаар, 3 м Филиппов Аян – Хорула, 3 м Такыров Таман – Ньурба.
44 кг 2008-2009-2010 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Контогоров Арылхан – Сунтаар, 2 м Иванов Айаан – Хорула, 3 м Сергеев Ян – Үөһээ Бүлүү, 3 м Васильев Ян – Үөһээ Бүлүү.
48 кг 2008-2009-2010 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Саввинов Егор – Марха, 2 м Яковлев Григорий – Үөһээ Бүлүү, 3 м Петров Саян – Хорула.
62 кг 2008-2009-2010 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Аммосов Ариан – Сунтаар, 2 м Брощев Мирко – Үөһээ Бүлүү, 3 м Семенов Алексей – Ньурба.
68 кг 2008-2009-2010 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Степанов Андриан – Ньурба, 2 м Кочнев Артем – Ньурба, 3 м Семенов Арылхан – Хаҥалас.
68 кг үөһээ 2008-2009-2010 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Иванов Емельян, 2 м Софронов Василий.
24 кг 2014-2015 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Слепцов Ньургун – Ньурба, 2 м Иванов Николай – Ньурба, 3 м Васильев Арылхан – Хаҥалас, 3 м Петров Айтал – Үөһээ Бүлүү.
28 кг 2014-2015 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Алексеев Олимпий – Хаҥалас, 2 м Алексеев Евгений – Хорула, 3 м Тимофеев Аман – Ньурба, 3 м Попов Адриан – Ньурба.
32 кг 2014-2015 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Григорьев Сергей – Күндээдэ, 2 м Бурнашев Иван – Ньурба, 3 м Дьячковскай Роман – Чаппанда, 3 м Васильев Артем – Хаҥалас.
36 кг 2014-2015 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Эверстов Дмитрий – Ньурба, 2 м Акимов Артем – Ньурба, 3 м Тимофеев Рустам – Ньурба, 3 м Николаев Дамир – Хорула.
36 кг үөһээ 2014-2015 сыллаах төрүөхтэргэ: 1 м Кычкин Василий – Ньурба, 2 м Васильев Эрхан – Ньурба, 3 м Григорьев Артем – Күндээдэ, 3 м Семенов Айсен – Ньурба.
Сайыына САВВИНОВА.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.