Сонуннар

Татарстан чемпионкаларынан буоллубут

Ахсынньы 23-25 күннэригэр Казань куоракка, Татарстан Республикатын чэпчэки атлетикаҕа бэтэрээннэр ортолоругар кыһыҥҥы аһаҕас чемпионат буолан ааста. Онно мин отпускаҕа сылдьан, таарыччы баран кыттааччы буоллум.

Казань куораты бастакы көрүүм. Антах тиийэн баран, регистрацияны этэҥҥэ ааспытым. Миэхэ кылгас да буоллар, 5000 км суруйтардым. Аны регистрациялыыр дьонум икки дистанцияҕа кыттыаххын сөп диэбиттэригэр, 5000 км ходьбаны көрөн, онно диэбиппэр, дьонум сылайыан, лучше 1.500 суруйтар диэннэр, сөбүлэһэрбэр тиийдим. Сарсыныгар эрдэ туран, манежка баран, 30 мүн. сүүрдүм, онтон күрэхтэһиибит киэһэ 18:50 буолар буолан, эрдэ тиийэн хаама сылдьан көрбүтүм, сахам, билэр кыыһын булан ыллым.

Үөрүүм дьикти уонна итинтэн ордук дойдум дьоно суоҕун өйдөөбүтүм. Ленам буолар күнүгэр саҥа регистрацияламмыт эбит, эмиэ 1.500 кыттар. Мин олох атаҕым сири билбэт гына үөрэн, өрө көтө түстүм.

Кыыспынаан син эрдэ кэлэн разминкаламмыппыт, стартка турдахпытына, сорох тетинкалар хайдах эрэ бэтэрээн буолбуттарын сонньуйа көрдүм. Ленам да, эмиэ бэтэрээннэри кытта күрэхтэһэрин долгуйар курдук. Стартка олох иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Конкуренткалара эмиэ тэҥҥэ, иннин диэки бара турбуттара. Сотору вообще конкуренткаларын ырааҕынан быраҕан, аттытыгар олох да көстүбэттэр, оттон мин иннибэр биир дьээдьэ баара.

Мин атахтарым итинтэн ордук инники барбаттарын чувствуйдаабытым уонна кыаҕым баарынан фиништээбитим, онтум олох да Ленабынаан иккиэн возраспытыгар бастаабыт эбиппит. Наҕараадалааһыҥҥа аны Ленабар 3-с миэстэлээх мэтээл биэрэннэр, кыайан өйдөөбөккө, тиийэн ыйыталастыбыт. Онтукабыт абсолютнай зачет диэн аахпыттар эбит, мин вообще настроениям түстэ, мэтээллэрбит дефициттэр эбит диэн.

Онтон үһүс күммүтүгэр Ленабынаан 5000 км сүүрдүбүт, эмиэ возрастпытыгар иккиэн бастаабыппыт. Кыыспар дьэ, абсолютнайга 1-кы миэстэ диэн очконан ааҕаннар биэрбиттэр. Миэхэ 3-с миэстэ, абсолютнайга. Дьэ, мэтээл ылан хараҕым сырдаата.

Арба, ити Лена Бурнашоева тренерэ Татьяна Жиркова, Аан дойду 100-90 км “Комрадска” чемпионката, Россия спордун маастара. Билигин саамай эрэлбит Сардаана Трофимова тус тренерэ.

Чэ, ити курдук, Казань кыраһыабай куорат эбит, быһыыта. Биһиги күрэхтэһии буолар сириттэн ырааппакка, ситэ мин сразу 5000 км кэнниттэн киэһэ көтөр буоламмын, Ленам аэропортка барар экспресскэ атаарбыта. Онтон кини понедельникка көтөр буолан, миигин атааран баран, төһө успейдыырынан куораты көрүөх буолбута.

Онон этиэхпин баҕарабын, бу Лена Бурнашева курдук кэскиллээх сүүрүктэригэр дойдутун Мэҥэ Хаҥалас улууһа, харчы була охсон спонсордаабыттарын, поддержкалаабыттарын киһи үөрэ көрөр да, истэр да. Уопсайынан, да бу бэтэрээннэргэ 35-80 дылы күүстээх спортсменнарга болҕомто ууралларыгар баҕарабын. Уонна онтон сылын аайы син биир чемпионаттар, бэтэрээннэр ортолоругар күрэхтэһии бөҕөтө буолар эбит. Аҥардас быйыл балаҕан ыйыгар Адлерга Россия чемпионатыгар хамаанданан тиийэн, элбэх буолан кыттыбыппыт туоһулуур. Ол туһунан биһиги спорка аксакалбыт Степан Федорович Лыткин суруйан турар, “Дьулурҕан” хаһыакка.

Бэйэҕит билэргит курдук, бэтэрээннэр күрэхтэһиилэргэ баралларыгар кыратык көмөлөһөллөрө буоллар. Кинилэр, итак оҕолоругар, сиэттэригэр көмөлөһөр быыстарыгар төһө эмит быыс булан дьарыктанан, ким үлэлиир, ким үлэлээбэт дьон. Ол курдук, бу сайт нөҥүө бэйэм баҕа санаабын наадалаах инстанцияларга тиийэрэ буоллар диэн эрэнэ хаалабын.

Анастасия КРИВОШАПКИНА, спорт бэтэрээнэ, Саха сирин чэпчэки атлетикаҕа спордун маастара.

2 комментария для “Татарстан чемпионкаларынан буоллубут

  • Үчүгэй баҕайы солун эбит. Анастасиялаах Ленаҕа эҕэрдэ. Ол эрээри бааһынай тылынан буолбакка нууччалыы эбэтэр сахалыы суруллубута буоллар.

    Ответ
    • Павел, сыанабылын иьин махтал! Ардыгар автор буочарын хайдах баарынан хаалларар сэргэх буолааччы. Наьаа редакциялыыр, кеннерер сыыьа.

      Ответ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227559
Бүгүн : 361