Сонуннар

Ылдьаа Скрябин бирииһигэр оҕолорго мас тардыһыыта       

Биир дойдулаахпыт, норуокка биллэр кэммэнтээтэр, өрөспүүбүлүкэҕэ успуорду, чөл олоҕу көҕүлээччи Ылдьаа Скрябин оҕолорго мас тардыһыытыгар бастакы турнира Доллу нэһилиэгэр буолан ааста .

Эдэр кэскиллээх мадьыналарбыт (барыта 203) – Томпо, Таатта, Чурапчы, Уус Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Хаҥалас улуустарыттан, Хатас нэһилиэгиттэн кэлэн күөн көрүстүлэр.

Успуорду, чөл олоҕу көҕүлээн өрө тутан сылдьар Илья Ильич Скрябин оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн успуордунан, убайдарын суолун батыһан дьарыктаммыта. Саахымакка, сахалыы ыстаныыларга, сүүрүүгэ, баскетболга оройуоҥҥа оҕолорго чөмпүйүөнэ, призера. Баскетболга оройуон чулуу оонньооччута. Университетка үөрэнэр сылларыгар 1974 сыллааҕы 7-с Саха норуоттарын Спартакиадатын үс төгүллээх чөмпүйүөнэ. Өрөспүүбүлүкэ чулуу спринтерэ аат хаһаайына. Урал, Сибиир, Уһук Илин, Орто Азия, Казахстан өрөспүүбүлүкэлэрин үрдүк үөрэх кыһаларын универсиадатын 200 м, Арассыыйа “Спартак” уопсастыбатын чемпионатын 400 м финалиһа.

Илья Ильич 1989 сылтан туспа успуорт сайдыытыгар суол тыыран, бэйэтин баҕатынан, толкуйунан сонуну, туспаны, дьону-ыччаты түмэрдии, күн бүгүн төһө да 70 сааһа ыган кэллэр, онтукатын ыһыктабакка сылдьар. Бииртэн биир сонун тэрээһиннэри тэрийэр биир дойдулаахпыт буолар. Оччотооҕуга, 90-с сылларга Төҥүлү успуорт комплексын арендаҕа ылан, өрөспүүбүлэкэҕэ  успуорт сайдыытыгар үгүс улахан хамсааһыннары таһааран үлэлээбитэ. Успуорт маассабай көрүҥэ волейбол сайдыытыгар, “Саха” волейболун Ассоциациятын СахаВА тэриллиитигэр биир сүрүн тэрийээччи быһыытынан үлэлээбитэ.

Мас тардыһыы успуорт көрүҥүн быһыытынан сайдыытыгар күн бүгүн тэрийээччи, кэммэнтээтэр, сырдатааччы, көҕүлээччи быһыытынан айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Хайыһар успуорда сайдыытыгар, оччотооҕуга Төҥүлү бөһүөлэгэ хайыһар киинэ буолбутугар, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас улахан хайыһар күрэхтэрин тэрийбитэ. 1995 сыллаахха Төҥүлүгэ өрөспүүбүлүкэ биир саамай улахан спортивнай күрэхтэһиитин – Манчаары Спартакиадатын тэрийсибитэ.

Успуорт суруналыыһын быһыытынан, Төҥүлүгэ чааһынай тэлэбидиэнньэ арыйан, үгүс араас үтүө сонуннары биир дойдулаахтарыгар тиэрдибит теле-суруналыыс. Сытыы бөрүөлээх, баар кыһалҕалары толору сырдатар,  суруксут. Төлөпүөн тутан Аан дойду, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ араас успуорт түһүлгэлэриттэн сибиэһэй сонуннарын тарҕаппыт радио-репортер. Билигин аны биллиилээх спортсменнары сырдатан – былакааттары,  сурунааллары, кинигэлэри таһаарар литератор. Ылдьаа Ылдьыыс идэтинэн – геолог. Ол да иһин буолуо, үгүс элбэх саҥаны арыйда, олоххо киллэрдэ.  Кини сыстыбыт эйгэтигэр булгуччу туох эрэ сибиэһэй, сонун сүүрээннэри көрөҕүн, сэргиигин.

Икки күннээх күүрээннээх күрэхтэһии түмүгүнэн ыйааһыннарынан кыайыы өрөгөйүн биллилэр:

Кыра бөлөххө, 2008-2010 сыллаах оҕолор кыайыылааҕынан буоллулар

40 кг: Степанов Рома (Уус Алдан, Суотту), Попов Айсен (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр), Говоров Женя (Чурапчы, Сылаҥ).

44 кг: Холмогоров Кирилл (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр), Степанов Арылхан (Мэҥэ Хаҥалас, Россолода), Демьянов Алеша (Чурапчы, Арыылаах).

48 кг: Находкин Тима (Мэҥэ Хаҥалас, Матта), Старостин Артем (Таатта, Чөркөөх), Флегонтов Стас (Чурапчы).

52 кг: Трофимов Валериан (Мэҥэ Хаҥалас, Рассолода), Герасимов Вова (Чурапчы, Хадаар), Бурнашев Сахаян.

56 кг: Митрофанов Максим (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр), Илларионов Алеша (Чурапчы), Заровняев Айсен (Томпо).

60 кг: Неустроев  Ньургун (Таатта, Баайаҕа), Петров Витя (Таатта, Уолба), Федоров Вова (Чурапчы, Сылаҥ).

64 кг: Боппосов Дьулус (Таатта, Уолба), Тарабукин Остап (Чурапчы, Дириҥ), Соболев Айсен (Хатас).

64 кг үөһэ: Крюков Саша (Амма, Сулҕаччы), Васильев Степа (Таатта, Ытык Күөл), Михайлов  Руслан (Мэҥэ Хаҥалас, Мэлдьэхси).

Улахан бөлөх, 2005-2007 сс. оҕолоругар кыайыылааҕынан буоллулар:

48 кг: Аржаков Айастаан (Чурапчы, Одьулуун), Федоров Радомир (Уус Алдан, Кэптэни), Белолюбскай Эдик (Мэҥэ Хаҥалас, Тумул).

52 кг: Слепцов Айтал (Мэҥэ Хаҥалас, Тумул), Григорьев Коля (Мэҥэ Хаҥалас, Рассолода), Кузьмин Степа (Уус Алдан, Түүлээх).

56 кг: Дмитриев Владик (Таатта, Чөркөөх), Алексеев Ярик (Мэҥэ Хаҥалас, Мэлдьэхси), Никонов Миша (Таатта, Уолба).

60 кг: Пермяков Ярик (Чурапчы, Сылаҥ), Ефремов Айсен (Хатас), Сокольников Гоша (Чурапчы).

64 кг: Жирков Арсен (РССШОР, Мүрү), Слепцов Руслан (Мэҥэ Хаҥалас, Наахара), Товаров Андрей (Таатта, Уолба).

68 кг Кожин Миша (Хатас), Макаров Олег (Чурапчы), Никитин Гоша (Амма, Покровка).

74 кг: Степанов Ваня (Хатас), Протопопов Ньургун (Нам, 2 Хомустаах), Могдоев Витя (Мэҥэ Хаҥалас, Төхтүр).

74 кг үөһээ: Антонов Айтал (Амма), Винокуров Айтал (Таатта, Ытык Күөл), Слепцов Тимур (Таатта, Чөркөөх).

Күрэхтэһии бары кыттыылаахтарыгар, мадьыны ыччаттарбытыгар ситиһиилэри баҕарабыт!

Евгения ПТИЦЫНА.

Мэҥэ Хаҥалас.

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252731
Бүгүн : 203