Сонуннар

Өрүү инники сылдьар убайбыт – биһиги ыҥырар сулуспут

Биһиги, Лыткиннар дьиэ-кэргэн күн-күбэй ийэбит Кононова Ирина Степановна, аҕабыт сэрии бэтэрээнэ, сэбиэскэй-хаһаайыстыбаннай үлэһит Лыткин Василий Сергеевич биэс уол оҕону төрөтөн, улаатыннаран, үөрэхтээн үлэһит оҥорбуттара. Дьоллоох оҕо сааспыт Чурапчы оройуонун Чыаппара бөһүөлэгэр ааспыта.

Улахан уол Сергей 1947 сыллаахха сэтинньи 26 күнүгэр төрөөбүтэ. Онон бу күннэргэ 75 сааһын бэлиэтиир. Алаҕар 8 кылаастаах оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Чурапчы орто оскуолатыгар тиийэн Д.П. Коркиҥҥа тустуунан дьарыктаммыта. Улуу тренер бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ буолар. Ити үөрэнэр сылларыгар оҕолорго республика, РСФСР чемпиона, ССРС “Урожай” обществотын Киин сэбиэтин 1964-65 сс. кыайыылааҕа буолбута.

1965 с. Дагестаҥҥа Бүтүн Сойуус чемпионатыгар бэйэтин ыйааһыныгар бочуоттаах 5-с миэстэни ылбыта. Ити күрэхтэһиигэ доҕоро Вячеслав Карпов бастакы миэстэни ылан, сахалартан оҕолорго ССРС бастакы чемпиона үрдүк ааты сүкпүтэ.

1966 с. республика улахан дьоҥҥо 11-с чемпионатыгар 63 киилэҕэ ССРС спордун маастардара Анатолий Габышев уонна Владимир Андросов кэннилэриттэн 3-с миэстэ буолбута.

Оскуоланы бүтэрэн, тренерин Дмитрий Петрович ыҥырыытынан, 1966-1967 сылларга интернат-оскуолаҕа тренеринэн уонна Роман Дмитриев, Николай Захаров-Сахаачча кылаастарыгар иитээччинэн үлэлээбитэ. Ити сылларга бу оскуолаҕа элбэх талааннаах уол тустууга маастарыстыбатын чочуйан, спорт киэҥ суолугар үктэммитэ. Бу сылларга Сергей өссө үчүгэй ырыаһытынан биллибитэ.

1967 сыллаахха армияҕа ыҥырыллан, үс сыл  Краснознаменнай Тихоокеанскай байыаннай флокка сулууспалаан, муоратааҕы икки улахан учениеҕа кыттан, Тихэй уонна Индийскэй акыйааннарынан, Кыһыл муоранан устан – Индия, Цейлон, Иран, Ирак, Пакистан, Сомали, Йемен портарын көрөр, экваторы туораан, “дьиҥнээх мотуруос“ аатын сүкпүтэ.

1969 с. көҥүл тустууга Тихоокеанскай флот чемпиона буолбута. Армия кэнниттэн, 1970-1971 сс., дойдутугар Алаҕар 8 кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ, уолаттары тустууга дьарыктаабыта, ситиһиилэр даҕаны баар буолбуттара. Чыаппара уолаттара Копырин Ганя, Пестряков Вася, о.д.а. оройуон күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхтик кыттан барбыттара.

1971 с. Харьковтааҕы юридическай институт студена буолбута. Бастыҥ студент – общественнай үлэ, уус-уран самодеятельность көхтөөх кыттыылааҕа, тустуутун бырахпакка дьарыктанан, Харьковскай уобалас чемпиона, Украина “Буревестник” ДСО призера, самбоҕа дойду юридическай ВУЗ-рын матчевай көрсүһүүлэрин кыайыылааҕа буолуталаабыта.

1973 с. кэргэн ылан, кэтэхтэн үөрэххэ көспүтэ. 1974 с. КГБ систиэмэтигэр үлэҕэ киирэр, институтун 1975 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн, үрдүк үөрэхтээх юрист буолар.

КГБ систиэмэтигэр сүүрбэ сыл үлэлээн, младшай лейтенантан подполковникка тиийэ үрдүүр, оперуполномочейтан саҕалаан – Нерюнгри, Дьокуускай куорат Центральнай аппарат отделларын салайааччытыгар, Саха сирин Государствоҕа куттал суох буолуутун комитетын Коллегиятын чилиэнигэр тиийэ үүнэр.

Бу үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, 1993 с. тохсунньу 19 күнүгэр Саха Республикатын Президенин уурааҕынан “Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” аат кэмитиэт үлэһиттэриттэн биир бастакынан иҥэриллибитэ. КГБ-га үлэлиир сылларыгар волейболга сүүмэрдэммит хамаанда чилиэнэ, спортивнай ориентированиеҕа ситиһиилээхтик кыттара, сатыы уонна уунан устуу походтарын кыттыылааҕа этэ.

1994 с. АЛРОСА акционернай компанияҕа баайы-дуолу араҥаччылыыр отделын, 1996-2005 сс. компанияҕа экономическай куттал суох буолуутун Управлениетын салайааччытынан, Правление чилиэнинэн талыллан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ити сылларга АЛРОСА алмааһы хостуур, сортировкалыыр уонна атыылыыр Россия, Аан дойду биир улахан транснациональнай компаниятыгар тиийэ үүммүтэ. Ити үлүгэр элбэх суумалаах алмааһы харайыыга куттал суох буолуутун хааччыйыы Управлениеҕа сүктэриллэрэ. Тэрилтэ ол соругу чиэстээхтик толорон, саҥа рыночнай сыһыаҥҥа компания үрдүк экономическай ситиһиилэри көрдөрөн, Саха сирэ уонна Россия хааһыната туруктаах буоларын ситиспитэ.

Ити сылларга компания бары салаалара охраннай сигнализациянан, видеокамераларынан хааччыллыбыттара, алмааһы уоруу хонтуруола биллэрдик тупсубута. Сергей Васильевич 12 сыл улахан, эппиэттээх управлениены ситиһиилээхтик салайан бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыта.

Саха сирин спордун бэтэрээнэ, Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Сергей Васильевич кэргэнинээн Александра Петровналыын билигин Москва куоракка олороллор. Кыыстара Ирина Сергеевна Словенияҕа олорор, үлэлиир, кэргэннээх, кыыс оҕолоох. Сергей Васильевичтаах дойдуларын кытары сибээстэрин быспаттар, кэлэ-бара сылдьаллар, төрөөбүт нэһилиэктэрин олоҕор быһа кыттыыны ылаллар.

Алаҕар нэһилиэгин баһылыгынан Тимофеев Вячеслав Михайлович үлэлиир сылларыгар Сергей Васильевич Попечительскай сэбиэт чилиэнинэн үлэлээбитэ. 2000-с сыллар саҕаланыыларыгар Попечительскай сэбиэт көмөтүнэн учаастактааҕы балыыһа өрөмүөннэммитэ, саҥа “УАЗ” массыыналаммыта. Нэһилиэк дьаһалтата эмиэ саҥа массыыналаммыта. Чыаппара бөһүөлэгиттэн Чаачыгыйга диэри 12 км суол өрөмүөннэммитэ. 2005 сыллаахха 190 миэстэлээх саҥа таас оскуола тутуллан – педколлектив үлэлиир, үөрэнээччилэр үөрэнэр усулуобуйалара лаппа тупсубута.

Саҥа оскуола бэртээхэй спортивнай заллаах, остолобуойдаах, бүтүннүү компьютеризацияламмыт сырдык, киэҥ кылаастардаах.

Бу сылларга Сергей Васильевич АЛРОСА экономикаҕа куттала суох буолуутун управлениетын салайааччыта этэ, онон ити тэрилтэ биһиги нэһилиэкпитигэр көмөтө улахан. Попечительскай сэбиэккэ үлэтэ дьоһуннук сыаналанан, нэһилиэк салалтата Сергей Васильевичка саҥа оскуола үөрүүлээх аһыллыытыгар, биир бастакынан, “Алаҕар нэһилиэгин бочуоттаах гражданина” үрдүк ааты иҥэрбитэ.

2011 сылтан норуот күүһүнэн тутуллан “Лыткина Анастасия Петровна аатынан Ырыа киинэ” үлэҕэ киирбитэ. Саҥа оскуола, Ырыа киинэ тутуллан, учаастактааҕы балыыһа саҥардыллан, улахан трассаҕа диэри суол тупсарыллан, нэһилиэк олоҕо лаппа тупсубута, эдэр ыччат үөрэххэ, спорка тардыһыыта күүһүрбүтэ.

Улахан уол буолан убайбыт Сергей Васильевич биһиэхэ, бырааттарыгар, олохпут суолун буларбытыгар, үчүгэй дьон буола улаатарбытыгар сабыдыала сүрдээх улахан.

Өрүү инники сылдьар убайбыт – биһиги ыҥырар сулуспут, инникигэ сирдиир маякпыт буолар! Миэхэ бастакы хайыһар кэтэрдибит, тустуунан дьарыктаабыт эмиэ кини. Ханна даҕаны сырыттарбын убайбын Сэргэйи билэр, ытыктыыр дьон элбэҕин сөҕөбүн, 23 сыл государственнай-гражданскай сулууспаҕа үлэлээммин, элбэх тойону-хотуну кытары алтыһан кэллим, онно даҕаны элбэх салайааччы кинини билэрин, үчүгэйдик ахталларын үөрэ истэбин.

Холобурга сылдьар ыал аҕа баһылыга, бэртээхэй, дэгиттэр спортсмен, өрүү үтүө санаалаах, ыраас дууһалаах, элбэҕи билэр-көрөр улахан убайбыт Сергей Васильевич өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлиибит! Чэгиэн доруобуйаны уонна дьолу-соргуну баҕарабыт!

Валерий ЛЫТКИН, государственнай-гражданскай сулууспа, спорт бэтэрээнэ, Алаҕар нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227561
Бүгүн : 363